Халаан: Хоромньуну толуйууга докумуоннары туттарыы бириэмэ ыгым, холкутуйар сатаммат

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Халаан өрөспүүбүлүкэ 45 нэһилиэнньэлээх пуунугар барыллаан ааҕыынан, 2 тыһ. 118 уһаайбаны, 1 тыһ. 274 олорор дьиэни ылан, 4 тыһ. киһи, ол иһигэр 758 оҕо эмсэҕэлээтэ. Тиһэх чахчынан, уу Хаҥаласка Өктөм, Хоточчу, Намҥа Арбын, Кэбээйигэ Хаалбыс бөһүөлэктэриттэн түһэ илик.

edersaas.ru

Орто Халыма хонтуруолга тутуллар

Уу Амма улууһугар сэттэ нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 377 уһаайбаны, 266 олорор дьиэни, Таатта алта нэһилиэнньэлээх пуунугар 427 уһаайбаны, 129 олорор дьиэни, Чурапчы үс нэһилиэнньэлээх пуунугар 111 уһаайбаны, 41 олорор дьиэни, Мэҥэ Хаҥалас аҕыс нэһилиэнньэлээх пуунугар 199 уһаайбаны, 86 олорор дьиэни, Хаҥалас үс нэһилиэнньэлээх пуунугар 234 уһаайбаны, 92 олорор дьиэни, Уус Алдан икки нэһилиэнньэлээх пуунугар 181 уһаайбаны, 44 олорор дьиэни, Уус Маайа үс нэһилиэнньэлээх пуунугар 322 уһаайбаны, 476 олорор дьиэни, Томпо икки нэһилиэнньэлээх пуунугар 64 уһаайбаны, 18 олорор дьиэни, Нам биир нэһилиэнньэлээх пуунугар 44 уһаайбаны, 12 олорор дьиэни, Кэбээйи биэс нэһилиэнньэлээх пуунугар 130 уһаайбаны, 78 олорор дьиэни, Дьокуускай куорат таһынааҕы Даркылаахха уонна Табаҕа бөһүөлэгэр 29 уһаайбаны, 32 олорор дьиэни ылла.

Билигин уу аҕыс нэһилиэнньэлээх пуунтан түһэ илик, 228 уһаайба, 78 дьиэ ууга олороллор. Орто Халыма Березовкатыгар уу кэлэн эрэринэн, нэһилиэнньэ куттала суох сиргэ көһөрүлүннэ, онно айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев баһылыктаах бырабыыталыстыба хамыыһыйатын кытары ЫБММ икки бөлөҕө үлэлии сылдьаллар. Күнүс 2 чаастаах чахчынан, уу таһыма Березовкаҕа 10 миэтэрэ 10 см (кутталлаах кирбии 10 миэтэрэ), Орто Халымаҕа – 9 миэтэрэ 95 см (кутталлаах кирбии 10 миэтэрэ 12 см) буолла.

Көмөҕө өрөспүүбүлүкэ барыта турунар

Халаатан эмсэҕэлээбиттэргэ 46,5 туонна ыйааһыннаах гуманитарнай көмө тиэрдилиннэ. Орто Халыманы киллэрбэккэ туран эттэххэ, 27 сиргэ дэлби тэптэрии оҥоһулунна, 21 туонна дэлби тэптэрэр эттик туттулунна. Сөмөлүөтүнэн, бөртөлүөтүнэн 223 көтүү ыытылынна. ЫБММ өрөспүүбүлүкэтээҕи саппаас пуондатыттан ас-үөл, таҥас-сап, туттар тэрил, балаакка, ууну хачайдыыр мотуордар, дизель-генератордар, буор кутан быһыты бөҕөргөтөргө кууллар уо.д.а. тиэрдилиннилэр. Көмөнү тэрийиигэ тэрилтэлэр, хаһаайыстыбалар, биирдэм урбаанньыттар, куоракка олорор биир дойдулаахтар түмсүүлэрэ көхтөөхтүк кытталлар. Нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбнай кэмитиэт иһинэн аһыллыбыт халаан содулун туоратыыга көмөнү хомуйар анал счекка 2 мөл. 64 тыһ. харчы киирдэ. Манна ыам ыйын 31 күнүгэр тэриллэр телемарафоҥҥа киирэр харчы эбиллэн, тустаах улуустарга тиэрдиллиэҕэ.

Хааччыйар эбийиэктэргэ хоромньу улахан

ОДьКХ уонна энергетика салаатыгар халаан улахан хоромньуну оҥордо. Ол курдук, 9 км усталаах электроуот ситимэ уонна 430 баҕана тирэҕэ, 37,9 км усталаах сылытар ситим, түөрт хочуолунай эмсэҕэлээн, барыллаан ааҕыынан, 42 мөл. солк. сууммалаах хоромньу оҥоһулунна. ОДЬКХ эбийиэктэригэр 21 мөл. солк. суумалаах хоромньу таҕыста. Ордук улахан айгырааһын Элдьикээҥҥэ буолла. Уу түһээтин онно бөртөлүөтүнэн икки дизель-генератор илдьиллэн, уот быстах холбоммута. Ыам ыйын 27 күнүгэр Аллараа Бэстээхтэн баарсанан электроуот ситимин баҕаналарын тирэхтэрэ, икки трансформатор ыытыллыахтара. Маны таһынан 27 км усталаах өрөспүүбүлүкэ таһымнаах, 57 км усталаах улуустар истэринээҕи суол-иис, сорох сиргэ быһыт алдьанан, туһааннааҕынан 200 мөл. уонна 400-450 мөл. солкуобайдаах хоромньу оҥоһулунна.

Ууттан босхоломмут нэһилиэнньэлээх пууннарга хоромньуну ааҕыы, докумуоннааһын, электроуоту холбооһун, суолу-ииһи, дьиэни-уоту чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ ыытыллар, дьон дьиэтин-уотун куурдунарыгар табыгастаах буоллун диэн, хочуолунайдар оттуллаллар.

Бириэмэ ыгым, холкутуйар сатаммат

Эрдэ этиллибитин курдук, эмсэҕэлээбиттэргэ көмө өрөспүүбүлүкэтээҕи саппаас пуондаттан уонна ыксаллаах быһыы-майгы федеральнай таһымынан биллэриллибитин быһыытынан, федерацияттан көрүллэр. Уу ылбыт дьиэтин эмсэҕэлээһинин таһыма хамыыһыйанан быһаарыллан докумуоннанар итиэннэ улуус дьаһалтатынан бигэргэтиллэр. (Онуоха дьиэлэрэ докумуона, бэйэлэрэ прописката суох дьон бырааптара суут уурааҕынан быһаарыллар). Салгыы Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр итиэннэ Россия ЫБММ-гар түһэриллэр. Хоромньуну толуйуу докумуоннара ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитэ биир ыйын туолуон иннинэ (холобур, аммалар бэс ыйын 12 күнүгэр диэри) түһэриллиэхтээхтэр. Онон, бириэмэ ыгым, холкутуйар төрүт сатаммат.

Санатан эттэххэ, көмө хас биирдии киһиэхэ маннык кээмэйинэн көрүллэр: өрөспүүбүлүкэтээҕи саппаас пуондаттанбиир кэмнээх көмө (5 тыһ. солк.), баай-дуол сороҕун сүтэриигэ (10 тыһ. солк.), олоччу сүтэриигэ (20 тыһ. солк.) федеральнай саппаас пуондаттанбиир кэмнээх көмө (10 тыһ. солк.), баай-дуол сороҕун сүтэриигэ (50 тыһ. солк.), олоччу сүтэриигэ (100 тыһ. солк.) хас биирдии киһиэхэ.

Бу туһунан бүгүн күнүстэн киэһэ нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбнай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Зайцевка ыытыллыбыт пресс-конференцияҥа этилиннэ.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0