Хамнас алын кээмэйэ улаатта

Бөлөххө киир:

2018 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Арассыыйаҕа хамнас алын кээмэйэ (МРОТ) улаатан, 9 489 солкуобайга тэҥнэстэ. Ити Арассыыйаҕа олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйин 85%-нын ылар. Ити миэрэ Владимир Путин хамнас алын кээмэйин тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥниир туһунан уурааҕын олоххо киллэрии чэрчитинэн ылылынна. Федеральнай сокуон ирдииринэн, 2019 сылга 100%-ҥа тиийиэхтээх.


Саха сиригэр хамнас алын кээмэйэ Арассыыйа гиэнинээҕэр урут да үрдүк этэ. Бу сырыыга хотугу коэффициеннара эбиллэн, 6 тыһ. солк. үрдээн, ортотунан 24 тыһ. солк. тэҥнэстэ. СӨ бырабыыталыстыбата 2014 сыллаахха хамнас алын кээмэйин тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥниир туһунан быһаарыы ылыммыта. Санатар буоллахха, Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ ортотунан 17 тыһ. солкуобайга тэҥнэһэр (Арассыыйаҕа – 10,5 тыһ.солк.).

Бу миэрэ кыра хамнастаах дьон дохуоттарын үрдэтэргэ, дьадайыыны утары охсуһарга көмөлөөх буолуоҕа.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0