“Хара дьай” саҥа сахалыы киинэ табылынны дуо?

Бөлөххө киир:

Быйыл саҥа сыл бастакы киинэтэ аатыран, “Хара дьай” диэн ужас сүрэхтэммитэ. Киинэ режиссера – Степан Бурнашев (“Кута”, “Күрүөйэх”, “Атын олох” уо.д.а.) уонна Евгений Осипов. Тохсунньу ый саҥатыгар Таҥха кэмигэр тахсыбыт буолан, дьон болҕомтотун ордук тарта.

hara-daj

“Хара дьай” – саха дьоно итэҕэйэр абааһыларыгар, көстүбэт күүстэригэр олоҕурбут түөрт кэрчик устуоруйаттан турар киинэ. Сыыһа таҥхалааһын, арыгыһыт булчуттар, уоруйах айанньыттар уонна командировкаҕа кэлбит эдэр уол туһунан. Киинэни көрөн олордоххо, киһи этин сааһа аһыллар, куттанар. Омук ужастарыттан туох даҕаны итэҕэһэ суох анал эффектэри туттубуттар. Ол эрээри, киинэҕэ кэпсэнэр түөрт устуоруйа дьиҥ олоххо олоҕуран уһуллубуттара буолуо дуо? Сахалар өйдөбүллэринэн, эйэлээх олоххо сылдьар киһиэхэ туох даҕаны туора күүс мэһэйдэһиэ суохтаах диэн. Оттон “Хара дьайга”:

  1. Таҥхаһыт оҕолор сиэри-туому тутуспакка, таҥха быраабылаларын билбэккэ эрэ куһаҕаннык өлбүт киһини ыҥыран, бүлүүһэ сүүрдэллэр. Таҥхалара табыллыбат, дьиэҕэ баһаар барар. Сыыһа таҥхалааһынтан маннык быһыылаан буолла диэн киһи, кырдьык, куттанар;
  2. Булчуттар түүнү быһа арыгылаан баран, иирэн, бэйэ-бэйэлэрин өлөрсүһэн кэбиһэллэр. Бу түбэлтэҕэ киһи маннык диэн толкуйдуур: тыаҕа бултуу кэлбит дьон быһыытынан билбэт сирдэрин аһатан, Байанайтан көрдөһөн, мээнэ айдаарбакка, арыгылаабакка сылдьыбыттара эбитэ буоллар туох даҕаны иэдээн тахсыа суоҕа этэ диэн. Түүн ойуурга айдаарары төрүкү боболлоро;
  3. Сыаналаах массыынаны уоран, атын куоракка атыылыы айаннаан иһэр уол суол абааһытыгар түбэһэр. Маныаха эмиэ бэйэтин аньыытын-харатын маннык суорума суолланна диэн көрөөччү тута өйдүүр;
  4. Тыа сиригэр баар дьиэҕэ кэтээн көрөр видео аппарата алдьанан хаалар. Маныаха куораттан өрөмүөннүү диэн күнү быһа айаннаан уол тахсар. Киэһэлик биирдэ анаммыт сиригэр кэлэр. Дьиэҕэ харабыл баар. Харабыл дьиэ абааһылааҕын билэ-билэ уолу тоҕо соҕотох хаалларда? Өссө эбиитин таһыттан хатаата? Манна киһи киһини уган биэриитэ көстөр. Харабыл үлэтин ситэ толорбокко эрэ дьиэлээн хаалар, уол түүнү быһа соҕотох хаалан, быстахха былдьанар. Манна уол туох буруйун иһин, туох куһаҕан быһыытын иһин абааһыга сиэттэ диэн боппуруос турар. Уол буруйа диэн – нууччалыы саҥарарыгар дуо?

Маннык хабааннаах тэттик устуоруйалары бары оҕо эрдэхпититтэн истэ улааппыппыт буолуо. Ол эрээри, киһи тугу эрэ аньыыны-хараны оҥордоҕуна, сиэри-туому кэстэҕинэ алдьархайга түбэһэр диэн буолара. Киһини куттуур буоллахха, сөпкө куттуохха. Дьон, уопсай дьыла туһугар сүүрэ-көтө, үлэлии сылдьар киһи абааһыга сиэнэрэ сүрэ бэрт…

Айтана АММОСОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0