Харыйа оонньуурдарын туһунан тугу билэҕин?

Бөлөххө киир:

Харыйа оонньуурдарын оҥоруу Саксонияҕа 1848 сылтан саҕаламмыт. Америкаҕа харыйаны киэргэтии 1850 сыллаахтан олохтоохтук үгэстийбит.

edersaas.ru


Оттон Россияҕа хайдах этэй?

Аан бастаан фольгаҕа, чаҕылхай өҥнөөх кумааҕыларга кэмпиэттэри, бичиэнньэлэри суулуу-суулуу, дьаабылыкалары, эриэхэлэри, чүмэчилэри, оҕуруо арааһын ыйаан харыйаны киэргэтэллэрэ. Бу оонньуурдар тура түспүттэрин кэннэ, оҕолор ылан сииллэрэ.

Онтон папье-машенан, баатанан, таҥас кырадаһынынан дьону, кыыл-сүөл арааһын, тэллэйи, эриэхэлэри оҥорор буолбуттара. Сыыйа онно туой, фарфор эбиллэн барбыта. Онтон дьэс алтантан аанньаллар, үтүө санаалаах феялар  көстүтэлиир буолбуттара.

1860-70 сс. олохтоох маастардар немецтэр тааһы хабах курдук үрэн оонньуурдары оҥорор ньымаларыгар үөрэнэн, аны оннук оонньуурдары оҥорон атыыга таһаарар буолбуттара. Арыый ыйааһыннаах төгүрүк оонньуурдар 20-с үйэ саҥатыттан кэрэтийэн, тупсан бараллар.

Саҥа дьыл уонна Ороһуоспа Сэбиэскэй норуот өйүгэр-санаатыгар бөрүкүтэ суох санааны киллэрэр кутталлаахтар диэн, харыйа оонньуурдарын оҥорууну 1927 сылтан 1935 сылга диэри тохтото сылдьыбыттара. Онтон ахсынньы 28 күнүгэр 1935 сыллаахха “Правда” хаһыакка “Оҕолорго бэртээхэй Саҥа дьылы тэрийиэҕиҥ!” диэн ыстатыйа тахсан, дьэ, бырааһынньыгы төттөрү сөргүтэллэр. Ол үөрүүтүгэр, икки сылынан Сойуустар дьиэлэрин Колоннай саалатыгар 15 миэтэрэ үрдүктээх харыйаны туруораллар. Сыыйа Политбюро чилиэннэрэ ойуулаах харыйа оонньуурдара оҥоһуллан тахсаллар. Өссө парашютистар, дирижабль, сулустар, уордьаннар ойуулардаах оонньуурдар элбииллэр.

Аҕа дойду сэриитин сылларыгар саллаат, тааҥка, самолет, санитар ыттар, бистэлиэт араас ойуулаах оонньуурдар сэдэхтик да буоллар, атыыга тахсаллар.

1947 сылтан А.Пушкин остуоруйаларыттан дьоруойдардаах, хоккеистардаах, оҕуруот астардаах, кыыллаах-сүөллээх, Тымныы Оҕонньордоох, Хаарчааналаах, Айболиттаах оонньуурдар үксээн бараллар.

“Карнавальная ночь” киинэ көстүөҕүттэн таас оҕуруолар, чаһылар модаҕа киирэллэр.

60-с сыллартан, биллэн турар, космос тиэмэтэ баһылаан, ракета, космонавт, сир аргыһа оонньуурдары дьон былдьаһа-тарысыһа ылар буолар. Өссө онно эбии гирлянда атыыга тахсан дьону-сэргэни улаханнык үөрдэр.

70-с сыллартан оонньуур арааһа дэлэйэр.

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0