«Хивус» тарыыба хонтуруолланар буолла

Бөлөххө киир:

Бүгүн сорох дьон Даркылаахтан 2000 солкуобай төлөөн Аллараа Бэстээххэ туораатылар. Бэҕэһээ эрэ, 1000 солкуобай этэ.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Сүүрбэччэ мүнүүтэ айаҥҥа 2 тыһ. солкуобай диэн балай эмиэ ыарахан. Киһи эрэ барыта төлүүр кыаҕа суох. Былырыын күһүн суол сабыллыбытын кэннэ, сымнаҕас сыттыктаах суудунанан урбаанньыттар эмиэ 2 тыһ. солк. таһар этилэр. Бу сырыыга эмиэ, сылдьарга ыарахаттардаах буолла диэн, урбаанньыттар муус устар 28 күнүттэн тарыыптарын үрдэппиттэрэ. Сыана аһара үрдээбитин нэһилиэнньэ айдааран, аны тарыыбы СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтэ хонтуруоллуур буолла. Бу туһунан туһааннаах кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Антонина Винокурова суруналыыстарга иһитиннэрдэ.

Онон муус устар 29 күнүттэн «Хивус» тарыыба 1000 солк., онтон оҕолорго 500 солк. бигэргэннэ. Өскөтүн суудуналаах урбаанньыттар сыананы үрдэтэ сатыыр түгэннэригэр, суругунан үҥсүүнү СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтигэр иһитиннэриҥ.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0