Икки ойуур баһаарын умуллардылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 2 күнүнээҕи дааннайынан, Саха сиригэр икки ойуур уотун умуллардылар. Уопсай иэнэ — 26 тыһ. гектар. 


Биир баһаар 14 255 га иэннээх Горнайга, иккис 12 тыһ.гектардаах Нам улууһугар баара. Барыта холбоон 112 киһи үлэлээтэ — ол иһигэр 102 парашюттаах баһаарынай уонна десантник баһаарынайдар, үс ойуур харыстабылын сулууспатын үлэһитэ уонна сэттэ олохтоох дьон, биэс тиэхиньикэ.

Быйылгы баһаар кэмэ саҕаланыаҕыттан, 163 ойуур уота умулунна, уопсай иэнэ — 105 170,79 га.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0