Ил Дархан ыйааҕа электроннай сэртипикээккэ киириини түргэтэтэргэ тирэх буолуоҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл от ыйын 1 күнүттэн Арассыыйа үрдүнэн бэтэринээр булгуччулаах сэртипикээтин электроннай көрүҥүнэн оҥорор ирдэммитэ. Хаһаайыстыбалар арыаллыыр бэтэринээринэй докумуоннары электроннай көрүҥүнэн оҥоттороллоругар «Меркурий» федеральнай судаарыстыбаннай иһитиннэрэр ситимҥэ регистрацияланыахтаахтар.

Күн бүгүҥҥү туругунан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр «Меркурий» ситимигэр 19 тыһ. 816 хаһаайыстыба регистрацияланна, ол иһиттэн тус кэбиниэккэ үлэлииргэ паролу уонна логины 16 тыһ. 33 хаһаайыстыба ылла. Ити эрээри, дьиҥ баарынан ыллахха, 6 тыһ. 71 эрэ хаһаайыстыба арыаллыыр бэтэринээринэй докумуоннары электроннайдык оҥотторор. Бу биричиинэтэ биир – киинтэн ыраах сытар нэһилиэктэргэ, сорох улуус кииннэригэр интернет ситимэ мөлтөхтүк үлэлиир итиэннэ дьон цифровой технологиянан үлэлииргэ ситэ үөрэнэ илик.

Онон, Ил Дархан “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр инновационнай уонна цифровой сайдыы туһунан” ыйааҕар бэлиэтэммит дьаһаллары олоххо киллэрии Саха сирин бары олохтоохторун үрдүк ускуорастаах интернетинэн хааччыйарга итиэннэ нэһилиэнньэни аныгы технологияларга үөрэтэргэ (бэтэринээр сэртипикээтэ ас-үөл көрүҥүн кэҥэтэргэ олус наада) тирэх буолуоҕа диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэтэринээрийэҕэ департамена иһитиннэрэр.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0