Ил Дархан Егор Борисов Владимир Путин сааскы халаан уонна ойуур баһаарын содулун туоратыыга аналлаах мунньаҕар кытынна

Бөлөххө киир:

РФ президенэ Владимир Путин Кытайтан төннөн иһэн, ыам ыйын 15 күнүгэр Иркутскай куоракка Урал, Сибиир уонна Уһук Илиҥҥи уокуруктарга сааскы халаан уонна ойуур баһаарын содулун туоратыы боппуруостарыгар мунньах ыытта.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Улахан суолталаах мунньахха Ил Дархан Егор Борисов, Иркутскай уобалас губернатора Сергей Левченко, Тюмень уобалаһын губернатора Владимир Якушев, РФ ыксаллаах быһыыга-майгыга миниистирэ Владимир Пучков, уо.д.а. кытыннылар.

Владимир Путин мунньаҕы аһар киирии тылыгар «Сибиир сиригэр-уотугар ойуур баһаарын содулун туоратыы барар. Ордук тыҥааһыннаах балаһыанньа Иркутскай уобаласка уонна Бурятияҕа үөскээтэ. Чааһынай дьиэлэр уокка былдьаннылар. Баһаары умуорар сулууспалар үчүгэйдик үлэлээбиттэрин түмүгэр, дьон эмсэҕэлээһинэ тахсыбата», – диэн бэлиэтээтэ.
Бастаан утаа сүрүн иһитиннэриини миниистир Владимир Пучков оҥордо. 2017 сыл саҥатыттан РФ үрдүнэн 3,5 тыһ. иэннээх ойуур баһаара умуруоруллубут. Бүгүҥҥү күҥҥэ 10-тан тахса улахан баһаары умуруоруу күүскэ барар. Итини тэҥэ, баһаар саҥа «туочукалара» эбии турбаттарын туһугар үлэ ыытыллар. Иркутскай уобаласка уонна Бурятия Өрөспүүбүлүкэтигэр биэс нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 78 чааһынай дьиэ уокка былдьаммытын туһунан билиһиннэрдэ.
Ил Дархан Егор Борисов дакылаатыгар, сүрүннээн, икки улахан боппуруоска тохтоото.
Сааскы халаан. Билигин Саха сиригэр өрүстэр уулара ыксаллаах кээмэйгэ тиийэ илик, өрүстэргэ муус саҥа баран, халаан дьэ саҕаланан эрэр. Егор Афанасьевич 2001 сыллаахха Ленскэйгэ буолбут халаан содулун түргэнник туоратыыга сөптөөх миэрэлэр ылыллыбыттарыгар Владимир Путиҥҥа махтанна. Дойду баһылыга быһаччы сорудаҕынан биэрэги бөҕөргөтүү үлэтэ олоххо киирбитин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Гидрометеорологическай сулууспа билгэлээһининэн, быйыл ханна ыксаллаах быһыыга-майгыга тахсыаҕа быһа барыллаан биллэрин уонна ол регион таһымынан быһаарылларын эттэ. Ол туһунан Владимир Пучковка тиэрдиллибит.
Егор Борисов бүгүҥҥү туругу билиһиннэрэн баран, Халыма, Индигир уонна Дьааҥы тардыыларынан былырыын алтынньыттан саҕалаан ахсынньыга диэри хаар нуорматтан үс төгүл элбэхтик түспүтүн эттэ. Итинтэн сылтаан бэс ыйын бүтүүтэ уонна от ыйын саҕаланыыта ити өрүстэр тардыыларыгар элбэхтик ардаан, хайа өрүстэрэ күүскэ халаанныахтарын сөбүн этэн туран, РФ Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтэ уонна гидрометеорологическай сулууспа итиннэ сөптөөх болҕомтону ууран, чинчийии үлэтин ыыталларыгар этии киллэрдэ.
Аны ойуур баһаарын утары охсуһуу. Егор Борисов ойуур баһаарын умуруорууга нэһилиэнньэ түргэнник хомулла охсон таҕыстаҕына, балаһыанньа уустугурбатын кэпсээтэ. Баһаар турбутун кэнниттэн хойутаан нэһилиэнньэ хомулуннаҕына, уоту куоттарыы тахсара баар суол. Этэргэ дылы, уот киэҥ сири сабардыыр.
«Саха сиригэр ойуур баһаара туруон сөптөөх сезона ыам ыйын 2 күнүттэн саҕаламмыта. Ааспыт бырааһынньыктар саҕана өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 7 ойуур баһаара баар этэ, ол билигин тохтотуллубута. Сөптөөх миэрэ ылылынна. Ойуур уотун умуруорууга бииргэ тохтуохпун баҕарабын. Ол курдук, нэһилиэнньэ баһаары умуруорууга тахсарын хааччыйыы. Биһиэхэ баҕа өттүнэн тэриллибит биригээдэлэр бааллар, уот турда даҕаны кинилэр тахсаллар. Билиҥҥи туругунан, муниципалитеттар нэһилиэнньэ ойуур баһаарын умуруора тахсалларын модьуйар боломуочуйалара суоҕа элбэҕи атахтыыр. Нэһилиэк аттыгар уот субу кэллэҕинэ эрэ дьону таһаарар боломуочуйалаахтар. Оттон 30 км тэйиччи турбут уокка дьону таһаарар кыахтара суох. Онон манна сөптөөх болҕомто ууруллуон наада», – диэн Егор Афанасьевич эттэ.
Саха сирэ Россия үрдүнэн ойуурдаах сирэ-уота киэҥинэн биллэр эрээри, федеральнай «Авиалесоохрана» сулууспа анал салаата өрөспүүбүлүкэҕэ, хомойуох иһин, суох. Анал үөрэҕэ суох исписэлиистэр үлэлииллэр. Егор Борисов анал сулууспаттан 50 киһилээх тэрилтэ баара буоллар диэн этии киллэрдэ. Үсүһүнэн, РФ бырабыыталыстыбатын дьаһалынан өртөөһүн бобуллубутун боппуруоһа көтөҕүлүннэ. Төһө даҕаны бобуу-хаайыы баарын үрдүнэн, дьон оттуур сирдэрин уора-көстө өртүүллэр. Ол түмүгэр ойуур баһаара турара кэлиҥҥэ кэмҥэ элбээбит. Хас биирдии дьону хонтуруолга тутар уустук. Ол иһин, өртөөһүн көҥүллэнэрэ буоллар, барыта хонтуруолга ылыллыа этэ.
Владимир Путин ити этиилэри истэн баран, баһаары умуруорууга нэһилиэнньэни түмэ тардыыга уонна өртөөһүнү бобууга сөптөөх дьаһалы ылалларыгар эттэ. РФ ыксаллаах быһыыга-майгыга миниистирэ Владимир Пучков өртөөһүн боппуруоһугар, хонтуруолга ылыллыбыт сиргэ өртөөһүн көҥүллэнэрин эттэ. Итиннэ сөптөөх нуормативнай докумуон оҥоһуллан бэлэм эбит. Онон ити боппуруос Саха сиригэр сотору быһаарыллар кэриҥнээх.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0