«Ил Дархан уустук кэмҥэ кэлэн, сытыы боппуруостары быһаарда»

Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыгынан үлэлээбитэ бүгүн номнуо биир сылын туолла. Кини үлэтин норуодунай дьокутааттар хайдах сыаналыылларый?

Алексей Еремеев, Ил Түмэн норуодунай дьокутаата:

— Ил Дархан Айсен Николаев биир сыллаах үлэтин биһириибит. Кини сүрдээх уустук кэмҥэ кэлбитэ, халаан уута  илин эҥээри, хоту улуустары ылан, ыарахан балаһыанньа үөскээбитэ.

Аны «Мир» туруупкаҕа улахан саахал тахсыбытын түмүгэр өрөспүүбүлүкэ былааннаммыт дохуотун 10 миллиард солуобайы ылар кыаҕа суох этэ. Ону  тэрийэр дьоҕурун көрдөрөн, халаан уутуттан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо федеральнай киинтэн көмө туруорсан, олохтоох былааһы түмэ тардан, дьон кыстыкка этэҥҥэ киирбиттэрэ.  Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн боппуруостарыгар «АЛРОСА” хампаанньаны  кытта уустук кэпсэтии ыытан, бүддьүөт дохуоттаах чааһа туоларын ситиспитэ.

Итини таһынан, Өлүөнэ өрүс нөҥүө туоруур муоста тутуутугар иккис тыыны киллэрэн, ити боппуруос билигин хаттаан Арассыыйа бырабыыталыстыбатын дьүүлүгэр киирэрин ситистэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0