Сайылык күнэ диэн баар буолла!

Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн, сэтинньи 6 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Сайылык күнүн тэрийэр туһунан Ыйаахха илии баттаата. Бу докумуон саха төрүт үгэһин харыстыыр, тыа хаһаайыстыбатын үлэһитин суолтатын үрдэтэр сыаллаах ылылынна. Онон мантан инньэ сыл аайы ыам ыйын 22 күнүгэр Сайылык күнэ бэлиэтэнэр буолуоҕа.


Мин билэрбинэн, быйыл сайын Хаҥалас Улахан Ааныгар ыытыллыбыт АПК салайааччыларын, исписэлиистэрин сүбэ мунньаҕар “Бөртө” сылгы собуота” ХЭУо дириэктэрэ, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Уопсастыбаннай сэбиэтин чилиэнэ Александр Павлов Сайылык күнүн олохтуурга аан маҥнай этии киллэрбитэ. Александр Васильевич: “Сылгыһыт күннэннибит. Аны ыанньыксыт, сүөһү үлэһитэ күннэннэҕинэ, толору дьоллонуох этибит”, — диэбитигэр Айсен Николаев суругунан киллэрдэхтэринэ өйүүрүн биллэрбитэ. Ол эрэннэрбит тылын олоххо киллэрдэ.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0