Ил Түмэн биэнсийэҕэ тахсар сааһы Саха сирин олохтоохторугар үрдэппэт туһугар туруулаһар

Бөлөххө киир:

Арассыыйаҕа биэнсийэҕэ тахсар сааһы уһатар сокуон барылын өйөөбөккө, ону утарсан, туорайдаһан, бэйэбит этиилэрбитин киллэрэр бырааппытын быһыа этибит диэн этэр Ил Түмэн парламенскай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев.

edersaas.ru

Кини этэринэн, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсар сааһы дьахталларга аҕыс, эр дьоҥҥо биэс сылынан үрдэтэр сокуон барылыгар сөбүлэһэр суругу дойду тэбэр сүрэҕэр ыыппыттар. Ол эрэн, тымныы тыйыс айылҕаҕа олорор дьон интэриэһин көмүскүүр этиилэрин эбэн биэрбиттэр.

Бастакытынан, уһук хоту оройуоннарга, маныаха өрөспүүбүлүкэ бары улуустара киирсэллэр, биэнсийэҕэ тахсар сааһы үрдэппэккэ уруккутунан хаалларары туруорсалларын эппиттэр. Уһук хоту эрэгийиэҥҥэ Сахабыт сирэ эрэ буолбакка, дойду атын уобаластара эмиэ киирсэллэр, онон, бу этиини өйүүллэрэ саарбах соҕус диэн этэр кини.

Иккис этиини ылыналларыгар эрэл улахан. «Уһук Илин бары эрэгийиэннэрин биэнсийэҕэ тахсар сааһы үрдэтэр сокуонтан босхолуурга туруорсабыт. Билиҥҥи туругунан манна 6 мөл. киһи олорор, ити Арассыыйа нэһилиэнньэтин 4 эрэ бырыһыана, кинилэртэн 1 мөл. биэнсийэлээх дьон баар. Ахсаан өртүнэн ити кыра буолан, биэнсийэ саҥа ситимигэр улахан охсууну аҕалыа суоҕа», — диэн этэр Алексей Еремеев. Ону таһынан, Уһук Илин дьону аҕалан олохсутан, үлэлэтиэххэ сөп. Пенсионнай пуондаҕа кинилэр нолуок төлөөн, билигин биэнсийэҕэ тахсыбыт дьону хааччыйыахтара.

Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттары биэнсийэҕэ тахсар сааһы уһатар сокуон эмиэ таарыйбатын туһугар туруулаһар этиилэрин Москубаҕа ыыппыттар. От ыйын 19 күнүгэр Госдумаҕа сокуон барылын бастакы ааҕыы кэнниттэн өрөспүүбүлүкэ федеральнай парламены кытта уһук хоту дойду дьонун интэриэһин көмүскүүргэ салгыы үлэлэһиэҕэ.

Өскөтүн Ил Түмэн биэнсийэҕэ тахсар сааһы утаран, сокуон барылын бырачыастыырын биллэрбитэ буоллар, бэйэтин санаатын этэр, норуотун интэриэһин туруулаһар быраабыттан быһыллыа этэ. Холобур, Уһук Илин босхо биир гектардаах сири түҥэтэр сокуоҥҥа өрөспүүбүлүкэ 19 уларытыыны киллэрбитин анараа үксүн ылыммыттара.

«Арассыыйаҕа пенсионнай ситимҥэ улахан уларыйыы киирэрэ уолдьаста. Биһиги ону өйөөбөтөхпүтүнэ, «илиигин быстыбытын курдук” бырайыакка уларытыы киллэрэр этиилэри көтөҕөр табыллыбат», — диэн быһааран эттэ Алексей Еремеев.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0