“Инстаграмҥа бэйэм суруйабын”

Бөлөххө киир:

“Инстаграмҥа страницаҕын ким толороруй?” – диэн Ил Дархантан блогердар бэҕэһээҥҥи көрсүһүү кэмигэр ыйыталлар. Егор Борисов маннык хоруйдуур.

 edersaas.ru

“Пресс-сулууспа Инстаграмҥа орооспот. Бэйэм толоробун. Страницабар 44 тыһыынчаттан тахса сурутааччылаахпын. Дьон-сэргэ тугу кэпсэтэрин, туох кыһалҕалаахтарын, ханнык боппуруоһу ырыталларын көрөбүн, ааҕабын. Миэхэ бу интэриэһинэй, мантан элбэх информацияны ылабын. Инстаграмы күн аайы толоруохпун бириэмэм тиийбэт”, —  диэн хоруйдуур.
Манна сыһыаран блогер Артем Петухов: “ИТ-технологияҕа сүбэһит анаабаккыт дуо?” – диэн ыйытта. Онуоха Егор Афанасьевич: “Миэхэ билигин ИТ-технологияҕа сүбэлэтэр дьонноохпун. Кинилэри кытары элбэхтэ кэпсэтэбин, дьүүллэһэбин. Билигин туспа сүбэһити тутар санаам суох. Мин санаабар, бу миэхэ эрэ туһуламмыт буолбакка, ИТ-технология бизнес быһыытынан сайдыахтаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах буолуохтаах. Ол чааһын көрүөххэ”,   — диэн эппиэттээтэ.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0