Үйэ чиэппэрэ мусуойга үлэлээбитэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Күннэй Гаврильевна Илларионова (Соловьева) Дьокуускай к. Устиния Ильинична уонна Гаврил Константинович Соловьевтар дьиэ кэргэннэригэр 1972 с. күн сирин көрбүтэ.


1989 с. Чурапчытааҕы спортивнай оскуола оҕунан ытыыга салаатын бү­тэрбитэ. Кыра эрдэҕиттэн уруһуйдуур дьоҕурдаах буолан, Намнааҕы педучилищеҕа үлэ уонна уруһуй учууталын идэтигэр үөрэнэ киирбитэ.

Үөрэҕин бүтэрэн, Эдьигээҥҥэ Кыстатыам оскуолатыгар үлэлээбитэ.

1993 с. Дьокуускайга төннөн кэлэн, Ем. Ярославскай аатынан саха мусуойугар үлэлии киирбитэ. Ол сылдьан кэтэхтэн үөрэнэн, СГУ историко-юридическай факультетын бүтэрбитэ. Мусуойга бэриниилээхтик 25 сыл тухары үлэлээбитэ. Дьулуурдаах үлэтин иһин “СӨ култууратын туйгуна” бэлиэнэн, “Саха мусуойун бэ­тэрээнэ” мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Күннэй олоҕун аргыһын Прокопий Васильевиһы көрсөн, ыал буолбуттара. Илья диэн уол оҕоломмуттара.

Онтон 2016 с. халлааҥҥа этиҥ эппитинии, ыарахан ыарыыга ылларбыта. Олох иһин күүстээх охсуһуу саҕаламмыта… Олоҕун тиһэх күннэригэр диэри билсэ олорбут Ем.Ярославскай аатынан саха мусуойун кэлэктиибигэр уонна дириэктэригэр Е.С.Шишигиҥҥэ, күүс-көмө буолбут бииргэ үөрэммит доҕотторугар,  оҕото Илья үөрэнэр 5 №-дээх оскуолатын 7 “в”, “г” кылаастарын үөрэнээччилэригэр, төрөппүттэригэр, учууталларыгар махтанабыт.

Елена Окорокова-Соловьева, бииргэ төрөөбүт эдьиийэ.

Дьокуускай. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0