Өймөкөөн баһылыгын быыбарыгар Михаил Захаров хотто

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Киэһэ аҕыс чаастан быыбардыыр учаастактар бүллүөтүннэри ааҕаннар, түмүгү таһааран эрэллэр. Онон, ким төһө куолаһы ылбытын барыллаан билиэххэ сөп. Санатан эттэххэ, Өймөкөөн улууһун баһылыгар биэс хандьытаат турбута: Уус Ньара баһылыга Василий Ефимов, оройуон баһылыга Михаил Захаров, спорт эйгэтигэр үлэлээбит Александр Оконешников, «Технор» ХЭТ дириэктэрэ Александр Роданич, биирдэм урбаанньыт Владимир Ю.

Билиҥҥитэ көрдөрүү маннык: Захаровка 1 тыһ. 155, Оконешниковка 662, Роданичка 658, Ефимовка 139, Юга 90 киһи куоластарын биэрбиттэр. Итинэн «Биир ньыгыл Россия» политическай баартыйа туруорбут хандьытаата Михаил Захаров үгүс куолаһынан баһыйан, кыайыылааҕынан таҕыста! Бу улуус дьаһалтата ыытар үлэтин-хамнаһын нэһилиэнньэ биһириирин көрдөрөр. Чуолкай түмүк сарсын тахсыаҕа. 

БЫЫБАР-2017: Ким-ханна кыайда?

Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0