Өймөкөөҥҥө «Земляне» рок-бөлөх кэнсиэртээтэ (ВИДЕО)

Бөлөххө киир:

Кыайыы күнүгэр  биллиилээх «Земляне» рок-бөлөх Өймөкөөн улууһун Уус Ньара бөһүөлэгин «Металлург» Култуура дьиэтигэр кэнсиэртээтэ.

Александр Тарасов, «Саха сирэ», edersaas.ru

«Земляне» сэбиэскэй кэм саҕана оччотооҕу эстрадаҕа рок-музыка элэмиэннэрин аан бастакынан киллэрбитэ. Кинилэр  биллибит уонна норуот кутун туппут ырыаларын «Трава у дома», «Каскадеры», «Прости, земля», «Маленький кораблик», «Путь домой», «Каратэ» толордулар.
Санатар буоллахха, рок-бөлөх  Өймөкөөн оройуонугар саамай элбэх көмүһү хостуур  «Янтарь» хампаанньа көҕүлээһининэн, өйөбүлүнэн кэллэ.
«Земляне» рок- бөлөх  сүрүн  солиһа (фронмент), сэбиэскэй  кэм уонна Россия биллиилээх рок-музыкана Сергей Скачков аатырбыт, биллибит хиттарын толордо.
Иван Алексеев, Уус Ньара бөһүөлэгин олохтооҕо:
Эдэр сылдьан сөбүлээн истибит бөлөхпүн бу тутан олорон көрдүм, иһиттим. Олус үчүгэй, сүргэм көтөҕүлүннэ. Кинилэр ырыалара патриотическэй ис хоһоонноохтор, Ийэ дойдуну көмүскүүргэ ыҥыраллар. Аны туран, тыыннаах доҕуһуол, тыыннаах куолас…

Саха сиригэр бастакы сырыыбыт

Тэрийээччилэр Кыайыы күнүнэн олохтоохторго бэрт соһуччу бэлэҕи оҥордулар.


Сергей Скачков, «Земляне» бөлөх сүрүн солиһа:
Саха сиригэр маҥнайгы сырыым буолар. Москваттан бэрт уһуннук айаннаан кэллибит. Сөмөлүөтүнэн көтөн иһэн көрдөххө, Өймөкөөн хайалара олус кырасыабайдар, адьас уратытык көстөллөр. Сарсын Өймөкөөн ураты айылҕатын кытта алтыһыахтаахпын. Хомойуох иһин, аан дойду биир ураты Лабыҥкыр күөлүн көрбөт эбиппин, ырааҕа бэрт диэтилэр.
Түгэнинэн туһанан, Саха сирин ытык-мааны олохтоохторун Улуу Кыайыы күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Россия хайа да түгэҥҥэ өлөн-охтон биэриэ суоҕа.

*  * *

Россияҕа маннык биллэр-көстөр бөлөхтөр, ырыаһыттар Өймөкөөн Уус Ньаратыгар кэлэн кэнсиэртээн бараллара үтүө үгэскэ кубулуйда. Кинилэри «Янтарь» хампаанньа ыҥыран аҕалар. Икки сыллааҕыта  Россия күнүгэр «Белый орел» бөлөх Уус Ньара бөһүөлэгин стадионугар кэнсиэртээбитэ.
Быйыл Россия күнүгэр (бэс ыйын 12 күнэ) Уус Ньара олохтоохторун эҕэрдэлии Вика Цыганова кэлиэхтээх.

Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаhыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0