Тэлэбиисэр сонуннарын итэҕэйбэттэр (ЫРЫТЫЫ)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дойду олохтооҕун 93 бырыһыана тэлэбиисэртэн хараҕын араарбат эбит. Бу туһунан Уопсастыбаннас санаатын пуондата бэйэтэ тэрийэн ыыппыт ыйытыгар олоҕуран иһитиннэрэр.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

Дьон үксэ аан дойдуга, Арассыыйаҕа туох буола турарын, тиһэх сонуннары билээри тэлэбиисэрин холбуур эбит. Арай хас үһүс киһи аралдьыйаары, сынньанаары “күөх экраны” мыҥыыр үһү. Ыйытыгынан хабыллыбыттар 17 бырыһыаннара билиибин-көрүүбүн хаҥатаары тэлэбиидэнньэ биэриилэрин көрөбүн диэбит.

Саамай үрдүк рейтиннээҕинэн “Первэй ханаал” (52 бырыһыан), “Россия 1” (43 бырыһыан), НТВ (36 бырыһыан) буолаллар эбит. Уон бастыҥ ортотугар ТНТ, «Россия 24», СТС, Рен ТВ, «Звезда», Пятый канал, «Домашний», «Матч ТВ» киирэллэр.

ТВ биэриилэриттэн дьон, сүрүннээн, ордук хото сонуннары (57 бырыһыан), киинэлэри (53 бырыһыан) көрөллөр эбит. Оттон саататар биэриилэр рейтиннэрэ биллэ намыһах – 29 эрэ бырыһыан. Манна киһи соһуйа истэрэ диэн – уһун-киэҥ сериаллары дьон соччо сэҥээрбэт эбит. Ыйытыгынан хабыллыбыттар баара-суоҕа 27 бырыһыаннара эрэ олору көрөрүн билиммит.

Спорт уонна документальнай киинэлэр бэһис миэстэни үллэстибиттэр – 24-түү бырыһыан ылбыттар. Хас бэһис киһи кэнсиэри, тыйаатыр туруорууларын, бэлиитикэ бырагыраамаларын көтүппэт үһү. Ток-шоу дэнэр биэриилэри хас онус ыйытыллааччы көрөрүн эппит.

Дьон күннээҕи сонуннары толорутук, кырдьыктааҕынан “Первэй ханаал” уонна “Россия 1” кэпсииллэр диэн санаалаах эбит. Ол эрээри 47 бырыһыаннара аҥаардас баар чахчылары эрэ истиэхтэрин, оттон 40 бырыһыаннара суруналыыс быһаарыытыгар наадыйалларын эппиттэр.

Ол эрэн, төһө да нэһилиэнньэ баһыйар үгүһэ тэлэбиисэри күннэтэ көрдөр, кинилэртэн 23 бырыһыаннара эрэ бэриллэр информацияҕа бүк итэҕэйэр эбит. Ыйытыыларга эппиэттээбиттэр 45 бырыһыаннара “күөх экрантан” кутуллар иһитиннэрии куруутун кырдьыктаах буолбатаҕын ыйбыт. 2015 сыллааҕы көрдөрүүттэн тэлэбиисэр сонуннарыгар итэҕэйбэт буолуу 13 бырыһыанынан намтаабыт.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0