Күүһүлээһин ханнык улууска элбээбитий?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ 5 ый түмүгүнэн, буруйу оҥоруу туруга хайдаҕый? Ол туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспатын иһитиннэриититтэн билиэҕиҥ. 

edersaas.ru

Ол курдук, бу биэс ыйга 4667 буруйу оҥоруу чахчыта бэлиэтэммит. Ити ааспыт сыл биэс ыйынааҕытыттан 4,7 %-нан аҕыйах (4896 этэ). Итинтэн 1013 буруй ыам ыйыгар оҥоһуллубут.

Маныаха буруйу оҥоруу 19 улууска аҕыйаабыт, ордук чуолаан — Өлөөҥҥө (41,4 %-нан), Абыйга (36,7 %-нан), Бүлүүгэ (29,2 %-нан), Ньурбаҕа (28,7 %-нан).

Оттон 15 улууска буруйу оҥоруу элбээбит, ордук — Үөһээ Халымаҕа уонна Эдьигээҥҥэ.

Ыар уонна ураты ыар буруй ахсаана — 956. Маныаха өлөрүү 24,5 %-нан аҕыйаабыт, оттон күүһүлээһин 6-тан 30-ка диэри элбээбит: итинтэн 13 күүһүлээһин Үөһээ Бүлүүгэ, 7 — Орто Халымаҕа тахсыбыттар.

Бу биэс ыйга өрөспүүбүлүкэҕэ 1367 уоруу, 112 халааһын, 18 талааһын, 14 түүрэйдээн ылыы, 402 түөкүннээһин бэлиэтэммит.

Маны тэҥэ, экономическай хайысхалаах буруй ахсаана эбиллибит — 271 буолбут (2017 сыл 5 ыйыгар 210 этэ). Хоруупсуйаҕа сыһыаннаах 71 буруй бэлиэтэммит, ити ааспыт сыл бу кэминээҕититтэн 86,8 % -нан элбэх.

Арыгы иһэн баран буруйу оҥоруу 1652 чахчыта тахсыбыт (2017 сыл 5 ыйыгар 1776 этэ).

11, 7 %-нан сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор буруйу оҥоруулара аччаабыт, обургу оҕолор 159 буруйу оҥорбуттар.

Ол эрэн, кинилэргэ туһуламмыт буруй ахсаана эбиллибит — 225-тэн 338-ка диэри.

Онтон дьахталлар буруйу оҥоруулара кыратык аҕыйаабыт – 451-тэн 437-ҕэ диэри.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0