Көрбөт дьону көрөр оҥороллор (ВИДЕО)

Бөлөххө киир:

 СӨ Ил Дархана Егор Борисов Ыйааҕын олоххо киллэрии чэрчитинэн, үрдүк технологиялаах медицинскэй көмө оҥоһуллар. Биир сүрүн хайысханан офтальмология буолар.

edersaas.ru


СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, 2016 сыл ахсынньы 2 күнүгэр Саха сиригэр харах кадавернай дьэҥкир бүрүөтүгэр аан бастаан эпэрээссийэ оҥоһуллан, офтальмология историятыгар киллэриллибитэ. Онтон 2017 с. Саха сирин офтальмолог-хирурдара кадавернай дьэҥкир бүрүөҕэ өссө 11 эпэрээссийэни оҥордулар.

Биһиги исписэлиистэрбит саҥаттан-саҥа саҕахтары арыйарга дьулуһаллар. Ол иһигэр, кадавернай дьэҥкир бүрүөнү көһөрүүгэ (трансплантация) аныгы лазердары туһаныы киирэр. Биһиги 13 көһөрүү эпэрээссийэтин ситиһиилээхтик оҥордубут. Түмүктэр үчүгэйдэр, онон иннибит диэки баран иһиэхпит. Бионическай харах имплантацията – бу олох көрбөт дьону көрөр оҥорор кэскиллээх хайысха, – диэн офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһатын сытар балыыһатын сэбиэдиссэйэ Екатерина Захарова иһитиннэрдэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ устубут сюжетын көрүҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0