Кэбээйигэ гаас ситимэ чөлүгэр түһэриллэр

Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ киэһэ, ол эбэтэр муус устар 19 күнүгэр,  Кэбээйигэ барар гаас ситимин тиэхиньикэ үлэлии сылдьан таарыйда. Ол түмүгэр гаас таска тахсан,  ситим иһигэр баар гаас баттааһына аччаата.

edersaas.ru


Түүн 23 чааска куораттан уонна гаас ситимигэр үлэлии сылдьар суһал бөлөхтөр айаҥҥа туран, сарсыарда саахал буолбут сиригэр тиийдилэр. Суһал биригээдэлэр кылгас кэминэн гаас ситимин чөлүгэр түһэриэхтэрэ. Онон, нэһилиэнньэ долгуйбатыгар, гаас бэриллиитэ Кэбээйигэ тохтооботугар эрэннэрэллэр.

Манна даҕатан эттэххэ, Кэбээйигэ билигин үлэлии турар  гаас ситимэ 1975 с. тутуллубут буолан,  эргэрэн, бү күннэргэ иккис гаас ситимин тутуутун үлэтэ барар турар. Ол үлэни «Сахатранснефтегаз» барытын бэйэтин үбүнэн уйунан, тутууну быйыл саҕалаата.
Кэбээйилэр, тулуурдаах буолуҥ, араас сурахтарга итэҕэйимэҥ!

«Сахатранснефтегаз» АУо пресс-сулууспата, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0