Өксөкүлээх Өлөксөй туруорбут сэргэлэринэн айан

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 140  сылыгар анаммыт үрдүк таһымнаах тэрээһиннэр тиһиктээхтик ыытылла тураллар. 

edersaas.ru  


Биир оннук суолталаах бэлиэ түгэнинэн,  «Үс кут — үс сэргэ»  диэн Өксөкүлээх үс улууска туруорбут мэҥэ өйдөбүнньүктэригэр — сэргэлэригэр  анал эспэдииссийэ үлэтин саҕалаабыта буолар. Тэрээһини «Өксөкүлээх эргимтэтэ»  уонна «Мэҥэ өйдөбүл»  федеральнай бырайыак уопсастыбаннай тэрилтэлэр сүрүннүүллэр. Бэҕэһээ өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа эспэдииссийэ кыттыылаахтарын ыраах айаҥҥа атаарда. Онно турунуох иннинэ, айанньыттар Өксөкүлээх өйдөбүнньүгэр сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.

Сүүрбэһис үйэ саҥатыгар Өксөкүлээх Өлөксөй, чуолаан, үс улууска сэргэ туруорбута саха норуотун мэҥэ өйдөбүлүн  духуобунай нэһилиэстибэтин быһыытынан үйэтитиллибит. Бу өйдөбүнньүктэр улуу бөлүһүөк төрөөбүтэ 140  сылыгар ордук ураты тыыннаннылар.

Бастакы сэргэтин улуу убайбыт Өксөкүлээх Бүлүү улууһун Оҥхойун Аһыкай сиригэр 1904  сыллаахха үлэни уруйдаан туруорбута. Кини бу сир олохтоохторугар ыһыах ыһан туран, от охсор тэрили бэлэхтээбитэ. Иккис сэргэни 1905  сыллаахха Чурапчы улууһун Арыылааҕар туруорбута. Өйдөбүнньүк арыгыта суох Уруу ыһыаҕар анаммыта. Үһүс сэргэ Өймөкөөҥҥө  Үрэх Төрдө диэн сиргэ туруоруллубута. Онно кини или, эйэни түстүүр ыһыаҕы ыспыта.  Өймөкөөн «Өксөкүлээх эргимтэтэ» уонна «Мэҥэ өйдөбүл» улуу бөлүһүөк А.Е.Кулаковскай -Өксөкүлээх Өлөксөй  духуобунай нэһилиэстибэтин үйэтитэргэ туһуламмыт үлэтин бастакынан  өйөөтө. Кинилэргэ Үөһээ Бүлүү, Таатта, Чурапчы улуустарын уопсастыбанньыктара кыттыстылар, бу улуустарынан «Үс кут-үс сэргэ» эспэдииссийэҕэ туруннулар. Айаҥҥа Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ Людмила Кулаковская уонна хос сиэннэрэ, кинилэри сэргэ, миниистирдэр, улуустар баһылыктара, ураты айылгылаах дьон, уопсастыбанньыктар сылдьаллар, ыһыахтарга кыттыыны ылаллар. Эспэдииссийэ үлэтэ бэс ыйын 28 күнүгэр түмүктэнэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru  

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0