Култуурабыт үрдээбитин туоһута дуу?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кэлин уулуссаҕа, уопсастыбаннай миэстэҕэ сылдьан саха киһитэ биир киһини көрөн туран “эһиги” диэн тылы туттарын элбэхтэ бэлиэтии көрөр буоллум. Тоҕо, туохтан сиэттэрэн тылы итинник туттуу таҕыста?

edersaas.ru

Биллэн турар, бэйэҕиттэн саастаах, ытыктыыр эбэтэр билбэт киһигин көрөн туран, нууччалыы таттаран толкуйдаатахха, “ты” диэн этэр олуона курдук. Нуучча тылыгар ити нуорма, оннук буолуохтаах. Оттон саха тылыгар букатын атын. Ити, арааһа, “не тыкайте” диэн өйдөбүлү кытта сибээстээх эбитэ дуу. Ол эрээри, сахаларга биир киһини көрөн туран “эһиги” диэн туттар сыыһа. Иккиттэн элбэх киһи баар эрэ түгэнигэр “эһиги” диэн сирэй солбуйар аат туттуллар.

Ол оннугар билэр киһиҥ буоллаҕына, аатын ааттаан туран ыйыппыт, кэпсэппит ордук. Эбэтэр билбэт киһигин кытта кэпсэтэр түгэҥҥэр, соҕотох киһиэхэ туһаайан кэпсэтэр ирдэнэр.

Өскөтүн, саха саханы кытта уу сахалыы (нууччалыы тылы кыбыппакка) кэпсэтэрэ эбитэ буоллар, бука, итинник көстүү олоччу суох буолуох этэ. Сахалыы толкуйдаах киһи соҕотох саханы көрөн туран “эһиги” диэн тылы хайдах даҕаны туттар кыаҕа суох. Нууччалыы толкуйдууртан итинник көстүү үөскээн тахсар. Холобура, “дьахтар” диэн тылы билигин үөҕүү курдук ылынабыт. Ол эрээри, тоҕо эрэ “дьахталлар” диэн тылы туох даҕаны кэтэх толкуйа суох туттабыт. Өбүгэлэрбит култууралара суох буолан “дьахтар”, “эн” диэн саҥараллара диэн толкуйдуур сыыһа.

Саха тылыгар ити курдук элбэх тылы холобурдуохха сөп.  Баҕар, сыыһа толкуйдуурум буолуо. Ол гынан баран, бииргэ бигэ эрэллээхпин. Саха саханы көрөн туран уу сахалыы кэпсэтиэхтээх. Оччотугар эрэ биир киһини көрөн туран “эһиги” диэн тылы туттар кыаҕа суох. Нууччалыы таттаран өйдүүрбүт тухары, итинник көстүү элбии туруоҕа. Онтон сиэттэрэн тылбыт симэлийэр кутталлаах. Кэхтии биир бэлиэтэ эбитэ дуу эбэтэр саха култуурата үрдээбитин туоһута эбитэ дуу? Ааҕааччы бэйэҥ түмүк оҥостон эрдэҕиҥ.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Уруһуй — интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0