Кураан (КЭПСЭЭН)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

-Куйааһыан. Сайыммыт эмиэ курааннаары күн сытыытык даҕаны тыгар.

-Эбээ, үчүгэй ди. Сайын куруук маннык күннээх буолара.

-Ээ оҕом сыыһа эн тугу билээхтиэххиний?! Күн кыһалҕата суох оонньуургун бил тоҕойум-диэт сиэнин кэтэҕиттэн “сык” гына сыллаан ылла.

-Эбээ, эн тоҕо куйаас күн наар сытан тахсаҕыный? Туохтан санаарҕыыгын. Кэпсээриий эбээ.

-Ол истиэҥ дуо тулуйан?

-Истиэм эбээ истиэм.

-Чэ оччоҕо болҕойон иһит уонна улааттаххына оҕолоргор кэпсээр.

***

Былыр мин кыра кыыс эрдэхпинэ аҕабыт сэрии бастакы хомууругар барбыта. Ийэм барахсан үс кырбас оҕолорунаан хаалаахтаабыта. Мин оччолорго алта-сэттэ саастаах этим. Дьонум саҥа балаҕан туттан бэрт үчүгэйдик олохторун саҕалаабыттарын кэлин билбитим. Аҕам барбытын утаа ийэм барахсан сарсыарда тыҥ хатыыта үлэлии барара уонна киэһэ күн киирбитин кэннэ кэлэрэ, инники кини үксүн дьиэ таһыгар сылдьарыгар үөрэммит оҕолорго итинник барара-кэлэрэ олус ыарахана. Кыра оҕолоохпун диэн ким даҕаны үлэттэн маппат кэмнэрэ үүммүттэрэ. Өскөтүн улахан оҕолору үлэҕэ эмиэ соруйар буоллахатарына кыралары баайталаан хаалларар этибит, олох кыра оҕолору ороҥҥо өрбөҕүнэн охтубатыннар диэн ыга туттарарбыт. Миигин үксүн улахан киһини оҕо көрдөрө хаалларара. Олус эрэйдээх кэмнэр этэ. От, бурдук үүммэккэ дьоҥҥо-сэргэҕэ улахан аймалҕаннаах сыллар турбуттара. Дүөдэлэр, күөллэр оҥоһо уолбуттара. Сороҕор оҕолору аһыҥа хомуйтараллара, ол да хомуйтаран тугу даҕаны туһамматахтара. Инники икки кыстыгы сорунан туораабыт буоллахпытына олох ыарахан дьыл кэлиэҕин дьон салла саныы сылдьыбыта. Ол кэмҥэ куораттан тойоттор тахсаннар дьону мунньан көһүү бирикээһин аахпыттара. Биһиги ыалы Кэбээйи курдук ыраах сиргэ барарбытын модьуйбуттара. Барбатаххытына хаайыыга утаарыллаҕыт диэн кытаанах этиилээх этилэр. Кырдьык да бу диэки кэлбэтэхпит буоллар антах сутаан элбэх киһи, сүөһү охтуохтаах этэ. Инньэ гынан бэйэм өйдүүрбүнэн бэрт кыра таһаҕастаах, лимиит бурдуктаах, ийэм барахсан харах уулаах миигин сиэтэн, икки оҕотун көтөҕөн айаҥҥа туруммута. Айаммыт олус сылаалаах этэ. Баарса кэлиэхтээх сирэ чугаһа суох эбит этэ. Бырдах аһылыга буолан, хаһыҥныы турар кэмҥэ биир сиргэ аһаҕас халлаан анныгар хонон туран тиийбиппит. Онно да тиийэн бу кэлэн турар диэбит баарсалара хас да күн кэтэһиннэрбитэ. Аҕыйах таҥас сыыстаах дьон ардахха баттатан олус тоҥмуммун өйдүүбүн. Аһылык олох суоҕун кэриэтэ этэ. Хас даҕаны күн кэтэһиннэрэн баарсабыт кэлбитэ эрээри олус илистибит буоланнар аны кинилэри кытта биир хонон турбуппут. Кыра кыыспыт сэбиргэхтэтэн ыалдьан ытабыла-соҥобула аһыры күүстээҕэ, дьон айманан, уйадыйан тэҥҥэ ытаһаллар этэ. Ууннан айаммыт үһүс дуу, төрдүс дуу күнүгэр оҕобут барахсан сииккэ, тымныыга сыыстаран бараахтаабыта. Кырата да бэрт этэ, сааһын даҕаны туолбакка сылдьара. Оҕобут эрэйдээҕи өссө даҕаны айаммыт уһун диэннэр ууга ыыппыттара. Ийэм аҕатын курдук киһилии хараллыбата диэн ытаабыта. Мин онно саҥа билбитим аҕабытыттан сураҕа суох сүттэ диэн хара сурук кэлбитин. Ийэм олус даҕаны тулуурдаах дьахтар эбит этэ бу санаатахха.

Уонтан тахса күн айаннаан Кэбээйи сиригэр үктэммиппит. Барыта бэлэм диэн ыыппыт сирдэригэр эмиэ уонча күн хоммуппут. Дойдубугар айаҥҥа турунарбытыгар ардах түһэ турар эбит буоллаҕына манна кэлэрбитигэр номнуо хаар түһэн эрэр этэ. Өрүс кыдьымахтанан тымныы хаҕыс тыаллааҕа. Өрүс кытыытыгар аһаҕас халлааҥҥа хас даҕаны киһи тыына быстыбыта. Ону суолтатыгар дьаама хаһан бииргэ кистэтэлээбиппит. Биир хараҥа киэһэ икки аттаах дьон кэлбиттэрэ. Олус соһуйа көрсүбүттэрэ, тоҕо, туохха сылдьар дьоммутун ыйыталаһан баран олус муодарҕаабыттара. Кинилэр аһынан да буолуо аҕыйах оҕону илдьэ барбыттара уонна көһөрүллүбүт дьон аһаҕас халлааҥҥа сыталларын илдьиттии тэбиммиттэрэ. Тыллабыр оҥорбуттарын нөҥүө күнүгэр дьон кэлэн биһигини ханна олохтуулларын толкуйдаабыттара. Үксүн Кэбээйи дьонугар дьуккаахтаһан олорор буолбуппут эрээри үгүстэр сир икки халлаан икки ардыгар хаалан хаалар кутталлаахтарынан хотоннору сөргүтэргэ соруйсан онно олохтообуттара. Онтон биһигини оҕолоох дьону биир ыалы дьуккаах таһаартаан кинилэр балаҕаннарыгар олохтообуттара. Икки балаҕан турар улахан тиэргэн этэ. Онон сылыктаатахха манна баай дьон олоро сылдьыбыт быһыылааҕа. Кыратыгар хамначчыттара олорбуттара буолуо онно биһиги икки ыал буолан олорбуппут.

Оо, манна даҕаны туох аанньа олох буолуой?! Дьон бэркэ эрэйдэнэн олороро. Туруу үлэһиттэр бары сэриигэ барбыт буоланнар үксэ дьахтар аймах этэ. Били баһылла сытар балыктаах дойдубут биһигини хаҕыстык көрсүбүтэ. Туох даҕаны сэбэ-сэбиргэлэ суох кэлбит дьон хайдах муҥхалаан балыктыахпытый. Сорох сорохторбут муҥха диэн тылы саҥа истибиппит. Бүтүн нэһилиэккэ биир муҥха баар этэ. Онтукабыт даҕаны хайыта бара сылдьар буолан балык көрдөрбүтүнэн баран хаалара. Биһиэхэ үксэ куйуур диэнинэн туттар эбит буоллахтарына бу дойду мууһа халыҥа да бэрт этэ. Ону анньыыннан тэһэн ойбон оҥоруохха диэтэххэ кытаанах үлэлээҕэ, сыра сылба бүтэрэ. Муҥха таҥан балыктыахпытын ким даҕаны хайдах оҥоһулларын билбэтэ уонна хас эмэ сылы быһа сылгы сиэлин мунньан, хатан оҥоһуллар эбит этэ. Санаабытыгар бу дойду тыала, тымныыта аһары күүстээҕэ. Дьэ итинник биһиги манна олохпут саҕаламмыта. Маҥнайгы сылга дьон хоргуйан өлүүтэ үгүһэ. Арай биир сарсыарда ийэм барахсан үлэлии бартын кэннэ бырааппын туруора сатаабытым турбатаҕа. Сирэйэ-хараҕа дэлби иһэн хаалбыт этэ. Ону таһынааҕы ыалбытыгар сүүрэн тахсан эппиппэр миигиттэн эрэ обургу кыыстара ыаҕас түгэҕэр баар үүтү кытары, собо бэрсибитин бырааппар сиэппитим уонна үүтү иһэрдибитим. Онтон эмискэ ол кыыс эбээтэ сүүрэн кэлэн номнуо сиэтэн бүтэрэн эрэрбин көрөн “иэдээни оҥорбуккун” диэхтээбитэ. Ону мин колхуос үүтүн уоран сиэнэ биэрбитигэр сууттаныахтарын эттэ дуу дии санаабытым сыыспыт этим. Быраатым барахсан ол күнү туораабатаҕа, эрэй бөҕөнү көрөн бараахтаабыта. Онно туох хара соро имнэммитэ буолла, хаһан даҕаны кимтэн да умналыы ойбот бэйэм ыалга тахсан ытаммытым эбээт. Ол дьону туох диэммин буруйдуомуй бэйэлэрин оҕолорун нэһиилэ атахтарыгар туруора сатыы сылдьар астарыттан бэрсиһиннэрдэҕим. Ол сарсыҥҥы күнүгэр ийэм барахсан муҥхалыы сылдьан охтон тиэллэн кэлбитэ. Нэһиилэ тыын быһаҕаһынан тыына сытаахтыыр этэ. Ол сытан олус даҕаны муҥатыйан хараҕыттан уу тахса сыппыта. Сиэбин сыыһыгар бурдук туораахтааҕын миэхэ куду анньыбыта уонна бу курдук эппитэ “Тукаам эн ийэҥ уонна аҕаҥ тулаайах кэриэтэ оҕолор буоламмыт дьоно-сэргэтэ суохпут. Оҕобун наһаа даҕаны эрэйгэ тэбэн хаалларан эрэбин. Сатаатар төрөөбүт сиргэр-уоккар баарыҥ буоллар син быыс-хайаҕас булан тыыннаах хаалыаҥ эбитэ буолуо. Биһигиттэн тыыннаах эн эрэ хаалан эрэҕин утуму салҕааччы. Оҕом сыыһа өйдөөн иһит мин өлүөм оччоҕо эн миигин көмөөйөҕүн, тоҥорон кэбиһээр. Өскөтүн аччыктаан оҕуннаххына миигин сиэр.” Ону истээт мин наһаа даҕаны дьулайбытым, куттаммытым. Оҕо этим буоллаҕа ди “Ийээ, миигин быраҕан барыма, көрдөһөбүн аны эн оннугар мин үлэлии барыам” дии диибин уйа-хайа суох ытаан барбытым. “Ытаама чыычаах. Хайаан даҕаны тыыннаах хаалыам диэҥҥин мэктиэ тылгын биэр”, нэһиилэ сыҥсырыйа, сыҥсырыйа “Сөп ийэкээ мин хайаан даҕаны тыыннаах хаалыам”- ийэм ону кэтэһэ сыппыттыы ааттаспыт хараҕынан көрбүтүнэн бу күн сириттэн бараахтаабыта. Мин чороҥ соҕотох хаалаахтаабытым. Ыалларбыт көмөлөрүнэн сорунан бырааппын уонна ийэбин харайбыппыт. Ол кэннэ ыалбыт аах сатаан бииргэ олорор кыахтара суох буолан тус-туһунан ыалга хамначчыттыы барбыттара. Миигин ылан бара сатаабыттара даҕаны мин кэтэҕэмэйдээн хаалбытым. Тугу аһаан-сиэн сылдьаара батан кэбиспитим буолла. Инньэ гынан соҕотох хаалан эрэйдээх-сордоох олоҕу оҕо киһи көрсүбүтүм. Муҥхаҕа тиийэр этим даҕаны муҥхабыт балыга көрдөрбүтүнэн баран хаалара. Биирдэ эмэ биир эмэ нычаа диэн бэрт минньигэс балык түбэстэҕинэ дьон аһынан кистээн миэхэ сонум иһигэр уган кэбиһэллэрэ. Ону мииннээн истэххэ олус даҕаны минньигэс буолар эбит этэ. Күөлтэн күөлгэ көһө сылдьан балыктыыр буоланнар мин кинилэри сүтэртээн кэбиспитим. Онон ол балыкпыттан даҕаны мэлийээхтээбитим. Оннук сылдьан аччыктаан охтубутум, оһохпун да сатаан оттуммат киһи буолан өйбүн сүтэрэн сыттахпына миигин биир булчут уол алҕас булбут этэ. Арай өйдөнөн кэлбитим балаҕаным иһэ сып сылаас буолбут, ким эрэ төттөрү-таара хаама сылдьар. Өлөллөрө диэн маннык эбит дуу дии сыттахпына арай уолум кэлэн төбөбүн өндөтөн тугу эрэ иһэрдэ сатыыр. Мин буоллаҕына иһэн баран өссө көрдөөбүппүн “бээ тохтоо элбэҕи аһыыр куһаҕан эбээт” диэбитигэр быраатым барахсаны элбэҕи аһатан олохтон мэлиппиппин санаан харахпыттан уу-хаар баспытыгар аһаппаккабын ытыыр дии санаата быһыылаах. Кэлэн төбөбүттэн имэрийдэ уонна ити бочугурас миинин буһардым эйиэхэ ону бэттэх кэллэххинэ барытын бэйэҥ иһээр сөп дуо?-диэхтээтэ, мин ону төбөбүнэн ээх диэн көрдөрдүм. Оннук икки күн сытан баран син бэттэх кэллим, уолум миигин оҕолоон сылдьар. Тахсан атын аһатар игин быһыылаах. Ол сытан уолбун өйдөөн көрбүтүм бэрт номоҕон дьүһүннээх, уҥуоҕунан наһаа улахана суох, хара соҕус киһи эбит этэ. Эн-мин дэһэн уолбунаан Бүөтүрү кытта арааһы кэпсэтэбит, ийэм, бииргэ төрөөбүттэрим өлбүттэрин туһунан истэн олус соһуйан соҥуоран олороохтообута. Кини кыылы эккирэтэн суолга быстаран иһэн манна ыал олорор этэ диэн кэлбитэ балаҕана кураанах турар үһү, онтон бу балаҕан аттыгар баҕар от баара буолаарай диэн кэлбитэ таһырдьа атах суоллара баарын көрөн киирбит онно мин сытар үһүбүн. Оннук мин тыыннаах хаалбытым. Арай онно тыал, тибии түспүтэ буоллар миигин кини булуо суохтаах этэ. Ол мин тыыннаах таҥарам билигин эһиги эһээҕит. Миигин дьиэтигэр илдьэ барбыта эрээри сэрии толоонугар ыҥырыллан барбыта. Онон мин кини төрөппүттэрин кытта олорбутум. Кэлин кураан бүтэн дьонум-сэргэм айаннаары түбүгүрбүттэрэ, онтон мин быыһаабыт убайбар наһаа ыллараммын кэтэһэ хаалбытым. Онно биир дойдулаахтарбын сайыһаммын харах уулаах далбаатыы хаалбытым.

Биир түгэни наһаа өйдөөн хаалбыппын. Сайын улахан дьоҥҥо көмөҕө диэн биһигини от мустара ыыппыттара. Бу дойду наһаа элбэх күөллээх, сииктээх дойду буолан бырдах наһаа элбэх этэ. Оттуур сирдэрэ олус ыраах этэ. Аны оттуу сылдьан дулҕаттан

иҥнэн охто сылдьарбыт, отторо уһуна бэрт буолан киһи кыайбата. Оо, онно холоотоххо биһиги дойдубут алааһа көнөтө, ырааһа, бырдаҕа суоҕа. Бу диэки тулуурдаах да дьон түөлбэлээн олорор эбиттэр этэ. Онно дойдубун, дьоммун, оонньообут оҕолорбун санааммын уйадыйан ыла ыла от харбыы сылдьан кыраабылбын элээрдэн баран олоро түһээт уйа-хайа суох ытаан барбытым. Дьоннор барахсаттан сүүрэн кэлэн уоскута сатаан баран тэбис-тэҥҥэ ытаспыттара. Онтон ходуһаҕа сылдьан дьон бары олоро биэрээт харахтарыттан уу тахсан ытаабыппыт. Ол сылы быһа сүтэрбит дьоммутун хараһыйан, дойдубут ахтылҕана мунньуллан тахсыбыта мээнэҕэ буолбатах этэ. Бу түгэнтэн ылата биһиги син киһилии олох олорон барбыппыт ээ.

Онтон мин бу дойдуну, дьонун аһары сөбүлээн манна хаалбытым. Антах миигин ким даҕаны кэтэспэт этэ. Дойдубар биирдэ эмэ баран кэлэбин. Кэлин миигин булбут убайбынаан атын иэйиигэ ылларан доҕордуубут тапталга кубулуйан кэргэн тахсыбытым, оҕолонон урууланан ийэм кэриэһин толордум ээ.

***

-Эбээ, мин эһээм герой эбит дии.

-Кырдьык, тоҕойум кини дьиҥнээх герой. Элбэх киһи тыынын өрөһүйбүт булчут удьуордаах оҕо киһи этэ.

-Эбээ, этиҥ этэр ээ. Арааһата ардах түһээри гынна дуу?

-Оннук быһыылаах, ол иһин даҕаны былыт ыган итийбит эбит.

-Эбээ, оччотугар биһиэхэ кураан буолбат буоллаҕа ди.

-Суох һыччы, биһиэхэ хаһан даҕаны кураан буолуо суоҕа. Чэ, киирэн эһэбитигэр аһын бэлэмниэххэ, отун баттаһан кээстэ ини…

Сюзанна Кондакова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0