Кытыы нэһилиэктэргэ – түргэн тэтимнээх интэриниэт

Бөлөххө киир:

Бэйэни салайыныы сүбэ мунньаҕын түмүгэр, ааспыт нэдиэлэҕэ Ил Дархан дойду бэрэсидьиэнэ В. Путин Федеральнай Мунньахха туһаайыытыгар тохтоото. Арассыыйа аан дойдуга 5 бастыҥ экономикалаах дойдулар ахсааннарыгар киириэхтээҕин эттэ. Ону ситиһэргэ Сахабыт сиригэр үөрэх кыһалара тэхиньиичэскэй идэлээх инженердэри бэлэмнээн таһаарарга болҕомтолорун ууруохтара. Өрөспүүбүлүкэҕэ миэбэли оҥорууга, батарыыга күүстээх үлэ барыаҕа.  


 

Бары улуустарга цифровой экономика өтөн киирэн, дьон дьиэлэриттэн тахсыбакка эрэ араас судаарыстыбаннай өҥөнөн туһанар, докумуон толотторор, оҕону уһуйааҥҥа, оскуолаҕа суруттарар кыахтаныахтара. Итини толорорго улуустары түргэн тэтимнээх интэриниэтинэн хааччыйар оптоволоконнай сибээс ситимэ тутулла турар. Мирнэй куораттан тардыллан, оптика Сунтаарга, аны күһүн Ньурбаны уҥуордаан Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ киириэҕэ.

Муниципальнай тэриллиилэргэ хамнас кыра буолан, дьон атын эйгэҕэ барыыта элбээбитэ бэлиэтэннэ даҕаны, целевой категория (култуура, доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин) таһынан, атыттарга быйыл хамнас үрдээбэтэ этилиннэ.

Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0