Өлөөкө Күөлгэ сүөһү аһылыга, уматык бүттэ

Бөлөххө киир:

Орто Халымалар кыһыҥҥы суол аһылларын кэтэһэ сатаан баран, бэйэлэрин күүстэринэн сүөһү аһылыгын тыраахтарынан тиэйэн эрэйдэнэ сылдьалларын истээт, «Өлөөкө Күөл» сылгы собуотун дириэктэри солбуйааччыта Иван Винокуровтыын төлөпүөнүнэн кэпсэтэ сырыттым.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

– Былырыын кыһыҥҥы суол ахсынньыга аһыллыбыта. Тута, таһаҕас тиэллэн барбыта. Быйыл хаар аһара халыҥ буолан, балаһыанньа сытыырхайда.  Муус чараас. Онон тыраахтарынан тиэйэргэ үгүс харгыстары көрсөбүт. Уһун күнү быһа айанныыбыт. Суолбут хаһан аһыллыа биллибэт. Ыксаан уматыгы, сүөһү аһылыгын тыраахтарынан тиэйэн эрэбит. Дьэ, сыарҕа үрдүттэн олоруу буолла, – диэн Иван Иванович кэпсиир.
– Оттон ас-үөл баар ини?
– Коммерсаннар абырыыллар. Син баар. Суол хойутаан аһыллар түгэнигэр, маҕаһыыннар долбуурдара «иччитэхсийэрэ» буолуо, – диэн эбэн этэр Иван Винокуров.

Ыспыраапка:

Орто Халымаҕа нэһилиэнньэлээх пууннар улуус кииниттэн (Орто Халыма куората)  тэйиччи сытар:

Эбээх – 228 км,

Өлөөкө Күөл —  218.

Березовка – 185 км,

Ойууһардаах – 169 км,

Сыбаатай – 146 км,

Арҕахтаах – 140.

Өлөөкө Күөл 500-тэн тахса нэһилиэнньэлээх. Улуус кииниттэн ыраах олорор буоланнар уонна суол-иис суоҕунан, массыынанан кыһынын эрэ айан баар. Суол-иис хаайар кэмигэр көтөр аалынан сылдьаллар. Онтулара да сыаната ботуччу. Социальнай суолталаах хайысхаҕа киирсэр буолан, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн субсидия тыырыллан, чэпчэтиилээх билиэт сыаната 3462 солкуобай.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0