Өлүөнэ: Ленскэйинэн муус 200 миэтэрэ эрэ уһунна

Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 9 күнүнээҕи туругунан, Өлүөнэ мууһа Өлүөхүмэ, Солянка аннынан хамсаата. Бу туһунан Уу ресурсаларын федеральнай агентствотын Өлүөнэ сүнньүнээҕи ууга управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат,https://edersaas.ru

Пеледуй аннынан дьэ муус устан эрэр. Өлүөхүмэнэн уу таһыма 126 см, Солянканан 248 см. Ленскэйинэн киэһээ 18 чаас 10 мүнүүтэҕэ муус 200 миэтэрэни устаат, эмиэ тохтоон хаалбыт. Билигин бу хайысханан уу таһыма 286 см тэҥнэһэр.
Амма өрүс икки учаастагынан устар. Амма аннынан уу таһыма 484 см (кутталлаах кирбии  925 см).
Бүлүү өрүскэ суукка иһигэр уу таһыма 5-15 см үрдээтэ. Муус үрдүнэн уу бычалыйан таҕыста.
Хоту өрүстэргэ балаһыанньа кэминэн турар.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат,https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0