Үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эбии харчынан көмөлөһүөхтэрэ

Бөлөххө киир:

РФ бырабыыталыстыбата Россия 410 тыһыынча кэриҥэ   үлэлээбэт биэнсийэлээхтэрин өйүүр сыалтан, бүддьүөттэн  эбии 1 млрд солк. көрүөҕэ.

edersaas.ru


Бу күннэргэ РФ бырабыыталыстыбатыгар ыытыллыбыт сүбэ мунньахха премьер-миниистир Дмитрий Медведев регионнааҕы тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра биэнсийэни ылар дьону өйүүр туһунан эттэ. Бу сыалга анаан бүддьүөттэн эбии 1 млрд солк. көрүллүөҕэ. Онон Саха сирин, Коми, Камчатка, Приморскай уонна Хабаровскай кыраайдар, Архангельскай, Московскай уобаластар  үлэлээбэт биэнсийэлээхтэригэр эбии харчы төлөнүө.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0