Людмила Кулаковская улуустары сомоҕолуур соруга салҕаныаҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

 Бу күннэргэ Саха сирин уопсастыбаннаһа А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ духуобунаска академиятын бочуоттаах академига, Таатта уонна Өймөкөөн улуустарын, Таатта улууһун Амма нэһилиэгин уонна Үөһээ Бүлүү Оҥхой нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, Максим Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Алексей Кулаковскай научнай-чинчийэр институтун дириэктиэрэ, филологогическай наука кандидата Людмила Реасовна КУЛАКОВСКАЯНЫ кытта бырастыылаһар. edersaas.ru

Людмила Реасовна эһэтэ Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун, айар үлэтин чинчийиигэ-үөрэтиигэ үгүс сыратын уурбута.

Саха Саарына Өксөкүлээх Өлөксөй 20-с үйэ саҥатыгар “Саха интеллигенциятыгар” диэн суруйуутун: “Биһиги тугу оҥоробут? Туохха ылсабыт уонна туохтан саҕалыыбыт? Саҕаланыыта эрэ ыарахан буолуо, оттон сиэмэ ыһылыннар эрэ, тахсыыта түргэн буолуоҕа. Дьыала иһин бары – Саха уокуругун улуустара көхтөөхтүк ылсыахпытын эрэ наада!” – диэн түмүктээбитэ. Кини сиэнэ Людмила Кулаковская эһэтин тылларын 21-с үйэҕэ саҥалыы тыыннаабыта.

Ол курдук, кини “Өксөкүлээх эргимтэтэ” коммерческайа суох тэрилтэ иһинэн тэриллибит “Үс Сэргэ – Үс Кут” эспэдииссийэ үлэтин тэрийэн туран, “Өксөкүлээхтии олоруохха” диэн бырайыагы олоххо киллэрэргэ дьулуспута.

Бырайыак өрөспүүбүлүкэ улуустарын, нэһилиэктэрин сомоҕолуур, саҥа сүүрээни олоххо киллэрэр дьону, ытык сирдэринэн туризмы сайыннарыыга олугу уурар, киһи ис туругун бөҕөргөтөр соруктаах этэ.

Саха сирин үс улууһугар мэҥэ өйдөбүнньүктэри туруоран, Өксөкүлээх саха норуотугар кэриэһин эппит эбит: “Улуустаһымаҥ, түмсүүлээх буолуҥ. Илин-арҕаа, хоту саха диэн суох. Биһиги биир сомоҕоһуулаах норуоппут” — диэн. Ол ону Саха сирин каартатыгар ойууламмытыттан көрдөххө, бэйэтэ үс муннук буолан тахсар эбит. Киин улуустар килбэйэр кииннэрэ – Чурапчы Арыылааҕа, арҕаа улуустар хабыллар ортолоро — Үөһээ Бүлүү Оҥхойо уонна хоту улуустары сирэйдиир үс муннук биир уһуга — Өймөкөөн Томторо. Дьиктитэ баара, улуу бөлүһүөк үйэлэри уҥуордаан, бу улуустар нэһилиэктэрэ Саха сиригэр бэйэлэрин ааттатар сулустарын уматыахтара диэн өтө көрбүт курдук.

Онон Өксөкүлээх Өлөксөй үс сэргэни туруорбут сирдэрэ бэйэлэрэ тус-туспа суоллаах-иистээх, Саха сирин ааттатан, араас хайысханан сайда олорор нэһилиэктэр, — диэн бэлиэтээбитэ Людмила Кулаковская эспэдиисийэ айанын түмүктүүр сүбэ мунньахха.

Бу үс улууһунан холобурдаан, духуобунас бочуоттаах академига Саха сирин улуустарын барыларын ситимниир баҕа санаалааҕа.

Ол ил-эйэ сирдьиттэринэн Өксөкүлээх Өлөксөй туруорбут сэргэлэрэ буолаллара саарбаҕа суоҕа. Өймөкөөҥҥө Үрэх төрдүгэр баар сэргэлэр аттыларыгар туран үс нэһилиэк баһылыга: Никифор Протопопов (Өймөкөөн Томторо), Николай Отов (Үөһээ Бүлүү Оҥхойо), Николай Сыромятников (Чурапчы Арыылааҕа) мантан инньэ биир сомоҕо буолан, биир хайысхалаахтык сайдарга, бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса сибээстик үлэлииргэ сүбэлэспиттэрэ.

 Сөбүлэсиһии барыта кумааҕыга тиһиллибэтин, тыл тылга киирсии эмиэ баарын эр дьон илии тутуһуута бигэргэппитэ. Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ Людмила Реасовна курдук үөрбүт киһи суоҕа…

— Саҕаламмыт умуллубатын туһугар биһиги үс улуус уопсастыбынньыктарын кытта салгыы бииргэ үлэлэһиэхпит. Ол буолуоҕа Людмила Кулаковская тыыннааҕар ахтар-саныыр Өймөкөөнүн махталын бэлиэтэ.

Биһиги, Өймөкөөн улууһун муниципалитетын салалтата уонна оройуон уопсастыбаннаһа, Людмила Реасовна Кулаковская чугас дьонугар уонна аймахтарыгар дириҥ кутурҕаммытын биллэрэбит.

Улуу Өксөкүлээх сиэнэ, Өймөкөөн улууһун бочуоттаах олохтооҕо Людмила Реасовна Кулаковская кэрэ мөссүөнэ уонна кини үтүө аата биһиги дууһабытыгар өрүү сырдыгынан сыдьаайыаҕа, — диэн «Өймөкөөн улууһа» МТ салалтата уонна Өймөкөөн улууһун уопсастыбаннаһа бэйэлэрин кутурҕаннарын тиэрдэллэр.

 Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0