Маачаха (КЭПСЭЭН)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Тахсар ааҥҥа атаҕын таҥаһын кэтээри булумахтана турбут оҕонньор сиэнигэр туораан биэрээри, торуоскатын мүччү тутан муостаҕа охтон түстэ. Лера онно эрэ наадыйбакка хобулугун тыаһа тоһугуруу турда. Туран булумахтанан көрдө да, туһа суох. “Оо, абаккабыын… кыахтаах киһи туруо эбит” Дьарааһын хараҕа уу-хаар баста. Кырдьар диэн кырыыс дииллэрэ дьэ кэллэҕэ, аны кэлэн олох олорон да диэн бу курдук сыыска-буорга тэбиллэ сылдьар тыыннах бөххө кубулуйда. Оо, күүттэххэ уһунун билигин кийиитэ Биэрэ хотонтон киирдэҕинэ эрэ турар киһи буолла. Ол да хотун кыыһыттан итэҕэһэ суох мөҕөр-этэр. Бээ, туран көрүөххэ. Дьарааһын өттүгэ хайа барыах курдук ыалдьар. Балай да буолан биэдэрэтин тыаһатан Биэрэ дьиэҕэ киирэн кэллэ:

— Хайа, бу тугуой, — сытар оҕонньору көрөн Биэрэ аймана түстэ. Ыы дьэ, хайдах охтон хааллыҥ?

— Арааһа, өттүкпүн араардым быһылаах

— Арааһалаах өссө, хайдах соҕотоҕон кыайыах баҕайыбыный? Кыра гынан баран тос курдук ыйааһыннаах бээ мантыҥ . Бээ, Оппуонньаны күүтэрбит дуу… – диэн икки ардыгар тыраахтыр тыаһа тарылыы түстэ. Оппуонньа хачаайы оҕонньору биирдэ оронун булларда. Дьарааһын тэллэҕэр сытан дьэ кэҥээбиккэ дылы буолла.
“Мин күндү киһим, Тома! Эн биһи сааспытын сиппит, өйбүтүн туппут дьоммут. Олохпут суолун холбоон бииргэ олоруох, миэхэ кэргэн таҕыс, мин эйигин таптыыбын, эн оҕолоргун бэйэм оҕолорум курдук көрүөм, кэбис, ааспытынан олорумуох” — диэбитэ Тома илиитин уураан баран тобуктаан турар Дьарааска. Тамара саҥарбатаҕа, маачаха диэн кимин билэ улааппыт буолан, кэргэнин сүтэриэҕиттэн кими да бэйэтигэр чугаһаппатаҕа. Сырсар эр бэртэрэ баар бөҕө буоллахтара. Тома төһө да ыал буолуон баҕардар, оҕолорун саныы биэрэрэ. Тыа сиригэр эр киһитэ суох олоруу – хара накаас этэ. Мас киллэриитэ, мас хайытыыта, сүөһү иитээһинин ааһан, от оҕустарыыта. Сүөһүтүн эһэн кэбистэҕинэ, тулаайах киһи хантан оҕолорун аһатыай таҥыннарыай?. Саатар оҕолоро кыралар ээ. Дьарааска тас үлэҕэ Тамараҕа көмөлөһөн, отун оттоон, маһын мастаан абыраата. Сылбырҕата , түргэнэ, дьүһүнэ да номоҕон, оҕолорго сыһыана да үчүгэй. Тамара маачаха ийэтигэр сыстан быстыбатаҕа, бастакы кэлбит күнүттэн кырачаан Томаҕа күргүйдээн барбыта. Оттон кыра кыыс Дьараасканы көрөөт даҕаны аҕаа диэбитэ. Оппуос аҕатын өйдүүр буолан, Дьарааска диэн ааттыыр. Икки сүрэх өйдөһөн күһүөрү Дьарааска икки оҕолоох Тамараны сүгүннэрэн дойдутугар аҕалбыта. Ыал буолбуттарын бэлиэтээн, көрсүһүү оҥорон ньиргиппиттэрэ. Тамара барахсан үлэһит, кыайыгас дьахтар сатаабата диэн суоҕа. Буһарбыт аһа минньигэһиин…

— Оҕонньоор, бүгүн киэһэ эйигин куоракка киллэрэр буоллум . Таанньа кырдьаҕастар дьиэлэрин кэпсэппит. Хонон баран сарсын киллиэриэхтэрэ. Онно эмтииллэр үһү.

Оҕонньор сөбүлээбэтэ эрээри, биллэрбэтэ, хайыай, бу сиргэ тулаайах киһини ким көмүскүөй, аны кэлэн.

Надежда МОРДОВСКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Үлэ чааһын кэннэ, Оппуонньа уазигын тэлгэһэтин иннигэр астаран кэбистэ. Оҕонньор таҥаһын сабын бэлэмнээбит Биэрэ таһааран массыынаҕа укта. Оппуонньа көтөҕөн таһааран истэҕинэ оҕонньор, долбуурга турар Тамара хаартыскатын ыйда. Илдьэ барабын, аҕал диэтэ. Оппуонньа ; сиирин сиэн бараҥҥын, көрдөөмө, ийэм эрэйдээх сиэннэригэр өйдөбүл буолар хаартыската ити эрэ диэн , — бардьыгынаан кэбистэ. Арылыччы көрбүт Тамара долбууртан мичээрдии , Дьарааһыны атаара хаалла.

Суолга балайда саҥата суох айаннаатылар. Дьарааһын дэриэбинэттэн тахсан иһэн ыраах халдьаайыга күлүмүрдүү турар киһи уҥуоҕун одууласта. Тамарам барахсан итиннэ сыттаҕа. Иһигэр “Быраһаай, Тамаараа” дии санаата.

— Миигин өллөхпүнэ, манна таһаараарыҥ , ийэҕит таһыгар, — диэтэ оҕонньор кытаанахтык.

— Ийэбин сынньата түс, саатар аннараа дойдуга. Эн хабыр илиигиттэн сырдык тыына быһыннаҕа,- Оппуонньа ис исһиттэн кыыһыра истэ.-

Эн харыстаабытыҥ буоллар билигин да тыыннаах буолуо этэ.

— Маһы тоҕо хайыппатыҥ? — дии-дии оҕолору кытта сыыртан сырылыы оонньоон улдьааран хойутаабыт уончалаах Оппуонньаны кулгааҕыттан соһон саҥа эрбэниллибит маска аҕалла.

— Аа, аҕаа, бырастыы гын… хайытыааам, хайытыаам.. — оҕо барахсан ыарытыйан, ытаан барда.

— Аҕаа диэмэ, өйдөөтүҥ да, мин эн курдук сүрэҕэ суох оҕолонуохпун баҕарбаппын, өйдөөтүҥ дуо? – диэн хаһыытыы быластаан күргүйдүүр.

— Сөп өйдөөтүм… — диэхтиир уонна киэһэ хараҥарыар диэри мас хайытан муҥнанар.

Тамара уолун аһынан, сороҕор маһын бэйэтэ хайытар. “Оҕолору кытта оонньоотун ээ, тугу эмиэ үлэлэт да үлэлэт холкуос көлө атыгар дылы, оҕо саас биирдэ бэриллэр. Тоойуом, оонньоо, балтыгын илдьэ бар” диирэ. Оччоҕо Оппуонньа балтын илдьэ доҕотторугар ыстанара.

Сороҕор ийэлэрин үлэтигэр – библиотекаҕа бараллара. Онно өрүү Сэмэн диэн учуутал баар буолааччы, наар кинигэ, хаһыат ааҕар. Оппуонньа киниттэн арахпакка ону –маны кэпсэтэр, иһигэр кини курдук аҕаланыан баҕарар. Ону баара Сэмэн кэргэннээх, Рома уонна Сеня диэн оҕолордоох. Биирдэ Дьарааһын холуочук кэлбитин Оппуонньа олох сөбүлээбэтэҕэ. Ээ уолум барахсан дии-дии оройуттан имэрийэ-имэрийэ кэтэххэ саайталаабыта, күлэ –күлэ улаатан эрэр оҕо ньиэрбэтигэр оонньообутугар Оппуонньа: “ бар мин эн курдук аҕаланыахпын баҕарбаппын, мин Сэмэн Николаевич курдук аҕаланыахпын баҕарабын” диэн чап гыннарбыта. Ити ыал олоҕун ыһар улахан сыыһа буолуоҕун кини онно өйдөөбөт этэ. Ол күн Тамара үлэтиттэн кэлбитигэр биир-биэс тыла суох “күүлэйдьит дьахтар” диэбитинэн мас истиэнэҕэ тохтоло суох төбөтүн лигийбитэ. Оппуос ийэтин көмүскэһэн, Дьарааһыны онон-манан охсо-тэбэ сатаабыта да сотору оһох холумтаныгар эһиллибитэ. Ийэлэрэ сыыйа ыарытыйан барбыта. “Дьахтарга илиибин көтөхпөтөҕүм, истиэнэҕэ кыратык таарыйбытым” диирэ Дьарааһын. Илиитин көтөхпөтөҕүн аанньа ийэлэрин окко-маска барытыгар күнүүлээн ньиэрбэтин “сиир” идэлэммитэ.

— Таанньаа, уута аҕал эрэ, — турар кыаҕа суох Тамара кыыһыгар соруйда. Иһиккин сууйдуҥ дуо? Билигин аҕаҥ кэлэн мөҕүттүө, баран сууйан кэбис.

Кыыс балайда кинигэ ааҕан баран куукунаҕа киирэн иһит сууйда. Атах тэбэнэр тыаһы кытта, Дьарааска дьиэҕэ баар буола түстэ:

— Ийэҥ? – остуол сото сыльар Таняттан ыйытта.

— Маама ыалдьыбыт – диэн баран аҕатын диэки оҥой-соҥой көрдө. Саппыкытын устуохча буолан баран, утуйар хоһу өҥөйдө:

— Күн ортотугар диэри тугу утуйан бөскөйө сытаҕын? Ынахтарыҥ уулаабаттар үһү дуо? Хотоҥҥо да сылдьыбат сүрэҕэ суох дьахтаргыный? Аскын астаатыҥ дуо? Мин кэллим, үлэлээн кэллим. Уолуҥ ханнаный? – диэн күргүйдээтэ. Иһиттэн саҥата нэһиилэ тахсар Тамара:

— Биэлсэри ыҥыттара ыыппытым,- диэтэ.

— Сытыма, чэ. Туран иһиккин сууйтар! Аскын астаа, киһи үлэ бөҕөнү үлэлээн кэллэҕинэ ас да суох, дьиэ да хомуллубатах,- дии дии тахсан барда. Сотору буолаат, биэлсэр кэлэн укуоллаата , эмп анаата уонна сэрэнэн:

— Тамараа, дабылыанньаҥ наһаа тахсар буолбут. Бэйэҕин харыстаныа, ыараханы көтөҕөртөн туттунуо этиҥ — диэтэ. Биэлсэр барбытын кэннэ Тамара аргыый туран ас астаата, онтон хотоҥҥо кэтэр таҥаһын кэтэн, таһырдьа таҕыста.

– Мин дьиэбэр олороҕут! Миэхэ иитиллэн олороҕут! — Дьарааска күргүйдүүрүн тохтоппот. Уол хайыыр да кыаҕа суох буолан тохтоото. Сутуругун ыга тутунна… – Хотоҥҥо таҕыс, хотуой, биһиги кыра сылдьан хотоҥҥо үлэлиир буоларбыт! Эн даҕаны тостон түһүөҥ суоҕа, тахсан ийэҕэр көмөлөс – диэтэ.

Оппуос түргэн үлүгэрдик таһырдьа ыстанна. Түргэнник оскуоланы бүтэрэн мантан бара охсуохха диэн сыал-сорук туруорунар – оччоҕо үлэлиэ, ийэтин уонна балтын көһөрөн ылыа, бу киһиттэн. Эмискэ калитка таһыгар ийэтэ охто сытарыгар хараҕа хатана биэрдэ. Көрбүтүн итэҕэйбэккэ “Ийээ, ийээ” дии-дии сүүрэн тиийдэ, уонна ийэтин соһон булумахтанан дьиэҕэ киллэрдэ. Балта ытыһынан сирэйин саба тутунна, арай Дьарааһын хараҕын күлтэччи көрбүтүнэн салыбырыы түстэ. Дьарааһын уолуйбутун Оппуос онно көрбүтэ. Ийэлэрэ сэниэтэ баарынан уоллаах кыыһыгар :

— Оҕолорум, барахсаттар, бырастыы гыныҥ! Дьоллоох оҕо сааһы билбэтэххитигэр мин буруйдаахпын… – диэт хараҕын тиэрэ көрөн кэбиспитэ. Аһыы аймалҕана, туустаах харах уута оҕолор олохторугар бүрүүкээбитэ.

Оскуола дириэктэрэ кэпсэтэн Таняны оҕо дьиэтигэр ылбыттара. Онтон Оппуос тохсус кэннэ СПТУ –га тырахтарыыс үөрэҕин бүтэрээт, аармыйаҕа барбыта.

Дьарааһын дьиэтигэр соҕотох хаалбыта. Аһыы утаҕынан үлүһүйэ сылдьан дьиэтэ умайан, турар соҕотох хаалбыта.

Ыаллыы нэһилиэктэн Оппуос кэлэн оҕонньору аһына быһыытыйан дойдутугар илдьэ барбыта.

Маачаха аҕа кэмсинии көстүбэт быатыгар кэлгиллэн, хараҕын уута мырчыстыбыт иэдэһинэн субуруйда…

Надежда МОРДОВСКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0