Мэҥэ Хаҥалас Мооругар, Мэлдьэхситигэр гаас киирдэ

Бөлөххө киир:

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бөкө уонна Бэдьимэ нэһилиэктэригэр гаас киирбитэ. Ити кэмтэн өр-өтөр буолбакка, сэтинньи 30 күнүгэр Моорук уонна Мэлдьэхси нэһилиэктэригэр гаас ситимэ тиэрдиллибитин туоһулуур үөрүүлээх түгэҥҥэ олохтоохтор көхтөөхтүк кыттан, үөрдүлэр-көттүлэр.

«Биһиги бу ураты күнү долгуйа күүппүппүт өр буолла. Бүгүн «күөх төлөн» нэһилиэк 30 ыалыгар киирэн, дьиэлэрин сылытта. Хаалбыт ыалларга гаас ситимэ тиэрдиллиэ. Киллэттэрэргэ бэлэм олороллор, үгүстэр анал аадырыстаах субсидияны туһаныахтара. Ааһан эрэ сыл биһиэхэ элбэҕи бэлэхтээтэ. Ол курдук, нэһилиэккэ диэри асфальт суол оҥоһулунна. Сибээспит үчүгэй. Аны туран, «күөх төлөн» күлүбүрүү умайда», – диэн Моорук баһылыга Петр Яковлев санаатын эттэ.

Тупсарыы сылынан элбэх үлэ ыытыллыбытын түмүгэр эдэр дьон олохсуйа кэлиилэрэ элбээбит. «Кэлиҥҥэ кэмҥэ биһиэхэ эдэр дьон көһөн кэлиилэрэ лаппа элбээтэ. Итинтэн сиэттэрэн, быйыл биһиги нэһилиэккэ 12 оҕо күн сирин көрдө. Саҥа оҕо саадын тутуу былааҥҥа киирдэ. «Күөх төлөн» киирэрин истэн, үгүс ыал дьиэлэрин аныгы олох сиэригэр сөп түбэһиннэрин оҥоһуннулар», – диэн Моорук нэһилиэгин олохтооҕо Анастасия Апросимова үөрүүтүн үллэһиннэ.

Мэлдьэхси олохтоохторо эмиэ бу «күөх төлөн» кэлэрин кэтэспиттэрэ ырааппыт. Степановтар дьиэ кэргэттэрэ өссө сайын дьиэлэригэр гааһы киллэрэргэ бэлэмнээн барытын өрөмүөннээбиттэр.

«Гааска холбонуохпутуттан дьиэбит олус сылыйда. Анал билиитэҕэ аспытын олус түргэнник буһарабыт. Ол үлэлии-хамсыы сылдьар дьоҥҥо бэрт. Гаас ситимин киллэрбит исписэлиистэргэ махталбын тиэрдэбин! Хайдах туһанарбытыгар тиийэ барытын быһааран, кэпсээн биэрдилэр», – диэн дьиэ хаһаайката Анастасия Степанова кэпсээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0