Михаил Гуляев быыбардааччыларыгар махтанар

Бөлөххө киир:

Убаастабыллаах 30-с нүөмэрдээх уокурук быыбардааччылара!

Уокуругум дьоно-сэргэтэ, өйөөбүккүтүгэр, өйдөөбүккүтүгэр, эрэммиккитигэр ис сүрэхпиттэн махтанабын!

Аны күүстээх үлэ күүтэр. Дойдубут сайдарын туһугар сөптөөх сокуоннар тахсалларыгар, бар дьонум олоҕо тупсарыгар үлэлэһиэм диэн эрэннэрэбин.

Хас биирдии быыбардааччы куолаһа суолталаах, миэхэ итэҕэлгитин биллэрбиккитигэр өссө төгүл махтанабын!

Гуляев Михаил Дмитриевич, Ил Түмэн 30-с нүөмэрдээх уокуругун дьокутаата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0