Миниистир элбэх оҕолоох ыаллары кытары көрүстэ

Бөлөххө киир:

Ыччат, дьиэ кэргэн бэлиитикэтин миниистирэ Афанасий Владимиров  соторутааҕыта тахсыбыт  Ил Дархан ыйаахтарын туһунан  Дьокуускай куорат Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэрин сойууһун көхтөөх төрөппүттэригэр сиһилии кэпсээтэ.  


Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Ыйаахтарга элбэх оҕолоох кыаммат ыалларга көмө уонна Дьоруой Ийэ статуһун олохтооһун туһунан этиллэр. Афанасий Владимиров этэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ уонтан элбэх оҕолоох 72 ийэ, 1600 кэриҥэ 7, 8, 9 оҕолоох ийэлэр бааллар. От ыйыттан атырдьах ыйыгар диэри сайаапкалары хомуйуохтаахтар. Бүддьүөттэн ыйааҕы толорууга барыта 202 мөл. солк. көрүллэр. Манна мэтээллэри оҥорторуу сыаната эмиэ киирэр. Онон, быйыл мэтээллэри ситэ биэрбэтэхтэринэ, эһиил барыларыгар тиийиэҕэ.
Афанасий Семенович Ил Дархан ыйааҕа билигин үлэлии турар көмө, өйөбүл тиһигин эбэн, кэҥэтэн биэрэр диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр сойуустарын салайааччы Римма Горохова:
Биһиги сойууспут тэриллибитэ 25 сыл буолан эрэр. Ол тухары элбэх боппуруоһу көтөҕөн, туруорсан кэллибит. Онтон үксэ олоххо киирбититтэн үөрэбит. Элбэх оҕолоохторго өрөспүүбүлүкэ салалтатын өттүттэн болҕомто, көмө баар. Афанасий Семенович биһиги кыһалҕабытын салалтаҕа тиэрдэригэр махтанабыт, — диэн эттэ.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0