«Мисс Якутия-2011» Олеся Кондакова-Захарова сыбаайбалаан эрэр

Бөлөххө киир:

«Мисс Якутия-2011» кыайыылааҕа, “Мисс модель мира – 2016 ” аан дойдутааҕы кэрэ куолар куонкурустарын «ТОП-30» кырасаабыссата Олеся Кондакова-Захарова Уус Алдантан төрүттээх Михаил Гоголевка кэргэн тахсан эрэр. edersaas.ru сайт тапталлаахтар хаһан билсибиттэрин, кэргэн тахсыаҥ дуо диэн хайдах ыйыппытын, сыбаайбалара хаһан, хайдах стиллээх буоларын уонна Кондакова-Захарова диэн бэрт дьикти фамилиятын хайдах уларытарын туһунан ыйыталастыбыт. Олеся үөрэ-көтө кэпсээтэ. 

Тапталлаахпын кытта бастаан оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан 7 кылааска билсибиппит. Онтон үөрэхпин бүтэрээт, «Азия оҕолорун» дириэксийэтигэр үлэлии киирбитим. Миша мин кэннэ эмиэ биһиэхэ үлэҕэ киирбитэ.  Сыл устата иккиэн бииргэ үлэлээбиппит. Биирдэ үлэ чааһын кэннэ рестораҥҥа барыахтаах этибит, үлэлээн бүтэн таһырдьа тахсыбытым, үһүс этээстэн таһырдьа тахсыахпар диэри роза сибэкки эминньэхтэринэн кирилиэһи киэргэппит этэ. Ону мин «бу ким тохпутуй?» диэн кыыһыра-кыыһыра тахсыбытым, арай Миша чүмэчинэн сүрэх оҥорбут уонна ол ортотугар турар эбит, туох буолан эрэрин тута өйдөөбүтүм. Аҥаар атаҕар туран «Миэхэ кэргэн тахсыаҥ дуо?» диэн ыйыппыта, мин сөбүлэспитим. Биһилэх кэтэрдибитэ, онтон ыла сыбаайбабытыгар бэлэмнэнэбит.

Сыбаайбабыт «Белые ночи» рестораҥҥа  «Рафаэлло» сакалаат стиллээх буолар. Фамилиябын уларытабын, ол эрээри бастакы фамилиябын хаалларабын, Кондакова-Гоголева буолабын. 

Анастасия АЛЕКСЕЕВА, «Саха Сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1