Муус аннынан балыктааһыҥҥа күрэхтэстилэр (ВИДЕО)

Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Сунтаарга 19 хамаанда, уопсайа 57 киһи Кэмпэндээйи үрэҕин төрдүгэр күнү быһа балыктаатылар. Сунтаар Уустуйатыгар “Үрүҥ көмүс күрүчүөк” муус аннынан балыктааһын быйыл төрдүс төгүлүн ыытыллар. Күрэххэ Миирнэйтэн, Таас Үрэхтэн, Ньурбаттан кэлэн кыттыннылар. Бэл диэтэр,  кэрэ аҥаардар эмиэ бааллар.

edersaas.ru

Бу күн халлаан кытта сылыйан балыксыттар күнү күннээн олороллоругар табыгастаах буолла. Балыксыттар барахсаттар албастара олус элбэх, ону кытта Күөх Боллох төһө биэрэрэ эмиэ быһаарыллар. Саамай кыра саастаах кыттааччы,  7 кылаас үөрэнээччитэ Арсений Федоров   убайдарын кытта кэлэн күрэххэ холонон, элбэххэ үөрэннэ.

Бастакы балыгы Тойбохойдор, оттон саамай  улахан балыгы Ньурба кэрэ аҥаардара хаптардылар. Оттон бастакы миэстэни Сунтаар нэһилиэгин “Сомоҕо” хамаандата, 2-с миэстэни  Сунтаардааҕы технологическай колледж уонна үһүс миэстэни кириэстээхтэр ситистилэр. “Түргэн балык” диэн абсолютнай күрэххэ түргэн кэм иһинэн үс балыгы хаптаран,  чөмпүйүөнүнэн Таас Үрэхтэн Семен Адамов буолла.

Тэрийээччи, Уустуйа нэһилиэгин баһылыга Александр Попов бу балыктааһын көрүҥэр былаана киэҥ, кулун тутарга уонна сайын күрэх тэрийэр санаалаах. Итиэннэ балыктааһыҥҥа федерация тэриниэххэ диэн этиилээх.

Мария КОБЕЛЬЯНОВА — ТУСКУЛААНА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0