Намҥа 38 ыал саҥа дьиэлэннэ

Бөлөххө киир:
SAMSUNG CAMERA PICTURES

Бу күннэргэ Нам сэлиэнньэтигэр элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллан киирдэ. Манна 38 дьиэ кэргэн кыбартыыраларын күлүүһүн туттулар. Бу “2013-2017 сс. гражданнары хаарбах дьиэлэр фондаларыттан көһөрүү” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама көмөтүнэн олоххо киирдэ.

nammkij1

Барыта 7 хаарбах дьиэ олохтоохторо,  107 киһи, бу толору хааччыллыылаах таас дьиэҕэ көһөн киирэн, үөрүүлэрэ муҥура суох. «Стройтехнология» бырайыагынан, «Намстрой» тэрилтэ тутан киллэрдэ. “Намстрой” эһиил киириэхтээх 43 кыбартыыралаах дьиэни эмиэ тута сылдьар.

Нам улууһугар хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ 523 киһи уочаракка турар. Онон 12 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллуохтаах.

namskij3

Оттон Томпо улууһугар былырыын эмиэ бу бырагырааманан биэс нэһилиэккэ сэттэ дьиэ тутуллубута. Быйыл үс нэһилиэккэ тоҕус дьиэ тутуллан киириэхтээх.

Дьабарыкы Хайа бөһүөлэгэр былырыын 12 кыбартыыралаах, толору хааччыллыылаах мас дьиэ тутуллубута. Быйыл 18 уонна 26 кыбартыыралаах дьиэлэр киириэхтээхтэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0