Үүнээйи туохтан ыалдьарый?

Бөлөххө киир:

Үүнээйи тас көрүҥүн уларыйыыта үксүн сыыһа көрүүттэн-харайыыттан тутулуктаах. Сэбирдэх өҥө уларыйар, налыйар, эриллэр, сибэккитэ туллан түһэр. Тоҕо маннык буоларый?

edersaas.ru


— Үүнээйи саамай үөһээҥҥи сэбирдэҕин кытыыта бороҥ кылдьыыланар. Кырдьаҕас хаппыт сэбирдэх кытыыта зонтик курдук бүүрэ тардар, сэбирдэх хараарар, намыйар, налыйар – үүнээйини күн уота быһа сиэбит буолуон сөп.

— Күн чаҕылыччы тыгар буоллаҕына, сэбирдэххэ бастаан араҕас, онтон бороҥ туочука курдук бээтинэлэр тахсаллар эбэтэр наһаа күүстээх суурадаһыны ыстаран эбии аһаттахха итинник буолар.

— Помидор күөх аһын төбөтө хараарар уонна иһирдьэ диэки бүүрэ тардар – ас төбөтүн сытыйыыта – сиигэ тиийбэтиттэн уонна итииттэн. Үгүстүк тууһа элбэх уонна сымнаҕас буордаах эбэтэр азота элбэх, теплица иһинээҕи салгына хамсаабат буоллаҕына, итинник буолар.

— Үүнээйи сэбирдэҕэ мээнэ үүнэр, өҥө сырдыыр – наһаа элбэх сииктээх.

— Үүнээйи сэбирдэҕэ эриллэр – түүҥҥү салгын тымныы уонна тэпилииссэ иһэ сииктээх.

— Помидор, моркуоп, сүбүөкүлэ аһа хайыта барар – ууну аҕыйахтык кутартан.

— Оҕурсу сэбирдэҕэ налыйар — буора тымныы.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0