Неверов атын баартыйалары хандьыдааттарын барыллаан куоластааһын көмөтүнэн сүүмэрдииргэ ыҥырда

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

“Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа генеральнай сэбиэтин сэкирэтээрэ, Судаарыстыбаннай Дуума бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Неверов бары фракциялар салайааччыларын дьон быыбардыыр быраабын көмүскээһиҥҥэ бииргэ үлэлииргэ, барыллаан куоластааһын көмөтүнэн биир санаалаахтарын түмэллэригэр ыҥырда.

 Роман ПОПОВ, “Саха сирэ” хаһыат,  edersaas.ru


Кини барыллаан куоластааһыны ааспыт хандьыдаат дьон-сэргэ иннигэр эппиэтинэһэ үрдүүрүн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Итинтэн сиэттэрэн, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа генеральнай сэбиэтин сэкирэтээрэ бары баартыйалары хандьыдааттарын аһаҕастык, бар дьон кыттыытынан, барыллаан куоластааһынынан сүүмэрдииргэ ыҥырда. Бары баартыйалар тэҥ балаһыанньаланалларын инниттэн техническэй хааччыллыы (быыбардыыр урналар, куоластыыр кабинкалар, быыбары ыытар сир) туһунан боппуруоһу мустан дьүүллэһэргэ эттэ.

Маны тэҥэ, Сергей Неверов хандьыдааттартан хайалара эмэ быыбартан устунарын туһунан сайабылыанньатын тус бэйэтинэн быыбар хамыыһыйатыгар туттардаҕына эрэ, хандьыдааттар испииһэктэриттэн таһаарылларын олохтуурга, ити балаһыанньа “Быыбардыыр быраап сүрүн мэктиэлэрин туһунан” сокуоҥҥа чопчу ыйыллыбатынан, уларытыылары сүбэлэһэн бэлэмниэххэ диэтэ.

Роман ПОПОВ, “Саха сирэ” хаһыат,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0