Ньурбаҕа уонна Дьааҥыга ойуур уотун кытта охсуһаллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥү туругунунан Саха сиригэр 77 га иэннээх икки баһаары умулларыы үлэтэ бара турар. Ол курдук, Ньурбаҕа 35 га уонна Дьааҥыга 42 га иэннээх ойуур уотун кытта охсуһа сылдьаллар. 


Ойуур уотун умулларыыга 63 киһи уонна үс тиэхиньикэ үлэлии сылдьар.

Гидрометсулууспа биллэрэринэн, Саха сирин үрдүнэн 1, 2 уонна 3 кылаастаах ойуур уота баара бэлиэтэнэр.

Санатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэн турар. Баһаар саҕаланыаҕыттан ыла 109 134, 79 га иэннээх сир умайда.

Николай ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0