Оҕо босуобуйата икки төгүл үрдээтэ

Бөлөххө киир:

Сэтинньи 22 күнүгэр Ил Түмэн дьокутааттара “Оҕо ыйдааҕы босуобуйатын туһунан” сокуону иккис ааҕыыларыгар ылыннылар. Сокуон барылын СӨ Бырабыыталыстыбата көҕүлээбитэ.

edersaas.ru


Оҕо 16 сааһын туолуор диэри (үөрэнэр буоллаҕына, 18 сааһыгар диэри) ый аайы бэриллэр босуобуйаны тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ биэрэллэр.

Санатар буоллахха, оҕо ыйдааҕы босуобуйата бу күҥҥэ диэри сааһынан арахсан 578–754 солкуобай,  2,0 коэффициеннаах оройуоннарга 682–891 солкуобай этэ.

Дьэ, төһө үрдээбит эбитий? Билигин оҕону сааһынан араарыы суох буолла, ону тэҥэ кыаммат ыаллары икки көрүҥҥэ араардылар: ыйдааҕы орто дохуоттара тиийинэн олоруу алын кээмэйин 0.30-1,0 ылар буоллаҕына, босуобуйа — 1035 солк., 2.0 коэффициеннаах оройуоннарга – 1218 солк. тэҥнэстэ. Оттон дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнигэр тиийинэн олоруу алын кээмэйин үс гыммыттан (0,30) кыра дохуоттаах ыаллар: 1346 солкуобайы, 2.0 коэффициеннаах оройуоннарга – 1584 солк. ылар буолуохтара.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ (прожиточный минимум) 2017 сыл иккис аҥарыгар: нэһилиэнньэҕэ ортотунан – 16603 солк., үлэлиир дьоҥҥо – 17601 солк., биэнсийэлээхтэргэ – 13335 солк., оҕолорго — 17023 солк. тэҥнэһэр.

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эмиэ социальнай бэлиитикэҕэ улахан болҕомтотун уурар.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0