Оҕуска чурумчу кэтэрдиилээх интэриэһинэй уруок

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Абый улууһун Ураһалаах орто оскуолата агропрофилированнай хайысхалаах.

Оскуола көмөлтө хаһаайыстыбатыгар сэттэ ынах сүөһү уонна сүүрбэ биэс сылгы, тэпилииссэ итиэннэ балыктыыр учаастак бааллар. Инньэ гынан, оҕолор төһө даҕаны уһук хотугу дойдуга олордоллор, саханы саха оҥорбут төрүт дьарыктары — ынах сүөһүнү уонна сылгыны иитиини, балыктааһыны итиэннэ оҕуруот аһын үүннэриини, көрүүнү-истиини — кыра саастарыттан билсэллэр, үлэлии-хамсыы үөрэнэллэр. Уолаттар тырахтарыыс идэтин ылаллар.

Сүөһүнү-сылгыны көрүүгэ оҕолорго олохтоох бэтэринээринэй учаастак исписэлиистэрэ мэлдьи көмөлөһөллөр, сүбэлииллэр-амалыыллар. Холобур, бүгүн оҕолору көмөлөһүннэрэн оҕус тыһаҕаска чурумчу кэтэртилэр. Өбүгэлэрбит былыр, тиэхиньикэ суох кэмигэр, оҕус муннугар талах чурумчу кэтэрдэн, онон сиэтэ сылдьан отторун-мастарын тиэнэллэрин туһунан кэпсээтилэр. Онон, үөрэнээччилэргэ бэрт интэриэһинэй уруок буолла.

Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ» хаһыат,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0