Ойоҕун хараҕын дьөлө аспыт

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Таптал, бэйэ-бэйэни убаастаһыы, сыаналаһыы диэн ханан да сыстыбатах дьоло суох ыаллар бааллар. Оннук да буолан, маннык хомолтолоох быһылааннар тахсаллар буоллаҕа.

edersaas.ru

Ол курдук, Үөһээ Бүлүү улууһун олохтооҕор РФ Холуобунай кодексатын 111-с ыст. 1 чааһынан, ол эбэтэр, доруобуйаҕа ыарахан эмсэҕэлээһини соруйан оҥоруу иһин, суут уурааҕа тахсыбыт.

Суут быһаарбытынан, бу дьыл ыам ыйын 15 күнүгэр бу киһи бииргэ олорор дьахтарынаан арыгы иһэ олорон этиһэн турбуттар. Онуоха эр киһи буолуохсут ыйар тарбаҕынан дьахтарын уҥа хараҕын дьөлө аспыт.

Суут кинини буруйдааҕынан билинэн, 3 сылга көҥүлүн быһары усулуобунайынан аахсан, 2 сыл тургутар болдьоххо уурбут. Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.

Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0