Ойуун уол таптала

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Налык

Суонньа дэлби тупсан төлөһүйдэ диэн аҕата үөрэр. Налык барбытын кэннэ икки ый кубарыйан, хатан ыалдьыбыт киһи курдук сылдьыбыта. Уолу таптыыр үһү, ону ахтан буорайаахтаатаҕа, «чэ, умнар ини» дии саныыр. Кэргэн кэпсэтэ кэлбиттэрин аккаастаан, аҕатын соһутан турардаах. Оҕотун маанылыыра, атаахтатара бэрт буолан кыыһырбатаҕа. Арай эбэтэ Суонньа хат буолбутун таайбыта. Сэрэнэн утуйаары сытан:

— Суонньаа, миэхэ кистээбэккэ этиий, сиргэ кэлэр киһи син биир кэлэр. Оҕо күүтэҕин дуо?

Кыыс куттаммытыгар, иһэ кытта хам тутта.

— Саат-суут… Аҕаҥ, биллэҕинэ, кыыһырара буолуо. Олус көҥүллүк иитэн, киһи этэрин истээччиҥ суох. Чэ, хайыахпытый? Буолар буолтун кэннэ…

Ити тыллар кэнниттэн Суонньа аҕатыгар хайдах курдук ыарахан буолуон дьэ өйдөөтө. Кый бырах барыан санаталаата. Ол гынан баран, ханна бараахтыай соҕотох бэйэтэ? Сыттыгын хам кууһа сытан ытаата. Харах уута көмүскэл буолан тохтор. Эбэтэ сиэнин аһынан, кэлэн төбөтүттэн имэрийдэ. Сарсыарда туран уолугар сибигинэйэн аргыый сымнаҕастык эттэ:

— Суонньабыт оҕо күүтэр.

Дьууруй, чэйин иһэ олороро эбитэ буоллар, чачайыах эбит. Бэл, хараҕа бэттэх тахсан баран оннугар түһэргэ дылы буолла, ол курдук омуннаахтык соһуйда. Саҥатыттан матан хоһугар киирдэ. Огдооччуйа, уолун билэрэ бэрт буолан, соһуйбата — ити аата иһигэр тугу эрэ анаарар.

Дьууруй, кырдьык, санаа бөҕөҕө түспүтэ. Оҕону суох гыннаттарыахха дуу, сүрэ бэрт. Ити санаатыттан бэйэтэ даҕаны куттанна. Кини эрэ кыыһа оҕоломмута баара дуо? Үрдүк да сололоохтор кыргыттара төрөөбүт түбэлтэлэрэ бааллар дии. Бастаан утаа саҥаран, сиилээн баран тохтууллар ини? Оттон кыыһа оччоҕуна хаһан да кэргэн тахсыбат дуо? Урут Бочугурас атыыһыт кыыһа энньэтэ суох тахсыбыт үһү. Ити курдук күнүскү аһылыкка диэри элбэҕи толкуйдаата. Кыыһа бүгүн хоһуттан тахсыбата. Чэ, тахсыбатын, аны уорун кыаммакка, ордук-хоһу тыллаһыа. «Лааппыбар барыахха, сибилигин төрөөн эрдэҕэй, киэһэ ийэбинээн сүбэлэһиэм, баҕар, тыаҕа тахсыахтара дуу» дии санаата…

Дьууруй кыыһын тыаҕа таһааран, бэйэтэ ийэтинээн олорор. Хайаахтыай? Соҕотох кыыһын оҕотун суох гыныа дуо? Уонна ойуун оҕотун тыытыан куттаммыта. Тоҕо эрэ салла санаабыта. Онуоха эбии Суонньа иччилээх тылынан саҥарбыта:

— Аҕаа, иннигин сарбынар буоллаххына, бу оҕо күн сирин көрбөтүн даҕаны. Мин сааты-сууту тулуйуом. Эн ааккын харыстыыр буоллаххына, бу оҕо, бэйэҥ эрэ илиигинэн хам туттаххына, өлүө. Бэйэҥ бил, мин оҕом суох буоллаҕына, күн сиригэр сылдьыбаппын. Сиргэ ананан кэлбит киһини суох гынан баран, ол аньыыны тулуйар кыаҕым суох.

Урут кини аҕатын маннык утарбыта суох. Уонна аҕата кыыһын биирдэ да мөхпөтөҕө. Баачыкаҕа бара сылдьара дуу? Эмиэ да, баҕар, кинилэр аҕа уустарын тэнитэр оҕо үөскээбитэ буолуо. Хайдах да албыннан, ыйаахтан куоппут суох. Былыр ити Хоноһо ийэтэ кыыһынан сылдьан хат буолбутун, аҕата «абааһы оҕото» диэн ойуунунан кыырдаран үтэйтэрээри гыммыт. Ойуун кыыра турдаҕына, оҕо ийэтин иһигэр ытаан соһутан, тыыннаах хаалбыт үһү. Хоноһоттон тэнийэн, Баргылар аҕа уустара ити билигин аатыран олороллор. Баҕар «мин аҕам ууһун тэнитэр оҕо буолуо» диэн бэйэтин уоскутунар.

Суонньа эрэйдээх дьон сиитин хайдах эрэ тулуйбут киһи диэн сылдьар, аҕатын аһынаахтыыр. Дьууруй уруккутун курдук хонтолдьуйара ааспыт, сорох үгэргээн да муоһа тостубут, ол эрэн ойуун оҕото буоларын дьон барыта билбит этэ. Икки атахтаах тыла хамсыырын, хаптаҕай кулгааҕа истэрин тухары, айыы сиригэр буолбут барыта иһиллээхтиир. Сорохтор иччилээх оҕо буолуо диэн саҥарыахтарын, сиилиэхтэрин куттаналлар. Оттон Суонньа күн-түүн иһигэр Налыгын күүтээхтиир. Тоҕо суругар эппиэттээбэтий? Иһэ улаатан, дьон туора көрөрө тохтоото: төһө тухары сонун оҥостуохтарай?

Оҕотун наһаа күүтэр. Ким курдук буолуой? Уол дуу, кыыс дуу? Ким диэн ааттыай? Арай, Налык кэллин? Оо, төһө эрэ дьоллонуо этэй!

* * *

Көҥүл Кыыс «Ойуун уол таптала» сэһэнэ туспа кинигэ буолан «Бичик» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста уонна сотору маҕаһыыннарга атыыга киириэҕэ. Ис киирбэх майгылаах ойуун уолун-Налыгы кытта кини хара төрүөҕүттэн аналын булуор, олоҕун оҥостуор диэри ааҕааччы тэҥҥэ айаннаар!

Хаартыска: «Бичик» кинигэ кыһата уонна интернет

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0