Ойуур уотун харчыта ханнаный?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Уоту умулларыы сыралаах үлэ. Дьон патриоттуу санаанан туох-баар үлэтин тохтотон туран, күүһүн-уоҕун барытын уоту умулларыыга биэрдэҕинэ биирдэ кыайар. Ойуур уотун умулларыыга үлэлээбит олохтоох дьоҥҥо уонна тэрилтэлэргэ билигин элбэх харчы төлөммөккө турар.


Төлөнө илик иэс

Саха киһитэ урут уруккуттан айылҕаҕа чугас буолан, тыатын харыстыыр. Бултуур, сир астыыр сирэ умайдаҕына, туора турбакка,тугу да быраҕан уоту умулларыыга үлэлии барар. Ол эрэн, хапытаал үйэтигэр хас биирдии киһи бириэмэтэ- харчы. Үлэ сыаналаныахтаах, төлөнүөхтээх, дьону үлэҕэ көҕүлүөхтээх. Сыл аайы ойуур уотун умулларыыга үлэлээбит дьоҥҥо, тэрил­тэлэргэ харчыларын хойутаан биэрэллэриттэн дьон айманар, кыыһырар. Сыралаах үлэлэрэ сөбүнэн сыаналаммат буолан, сорох дьон уоту умулларыыга үлэлии барартан куотунар буолла. Мантан сиэттэрэн, сыл аайы уоту кытта охсуһууга үлэлиир дьон тиийбэт буолан иһэр. Биллэн турар, ойуур уотун умулларыыга элбэх ороскуот үөскүүр. Аҥаардас тиэхиньикэни үлэлэтэргэ үлүгэрдээх уматык наада. Уоту кытта охсуһууга дьон эрэ буолбакка, сөмөлүөт, бөртөлүөт сүрүн күүс буолаллар. “Рослесхоз” былырыыҥҥы баһаар харчытын төлөөбөккө, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ “Полярные авиалинии”, “Регион Авиа”, “Дельта-К” авиа-хампаанньаларга иэстээх эбит.

Дьон тиэхиньикэтин докумуона суоҕа атахтыыр

Дьулустаан Хон, СӨ Ойуурун хаһаайыстыбатын департаменын салайааччытын солбуйааччы:

— Былырыыҥҥы  түмүгүнэн, “Рослесхоз” Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 328 мөл. солкуобай иэстэммитэ. 65 мөл. солкуобай уоту умулларыыга үлэлээбит дьоҥҥо, 200 мөл. солкуобай кэриҥэ тэрилтэлэргэ уонна авиа-хампаанньаларга төлөнүөхтээх. Уопсай иэһиттэн, “Рослесхоз” 121,4 мөл. солкуобайы эрэ билиннэ. 44 мөл. солкуобайы быйыл төлөөтө, оттон хаалбыт 77,4 мөл. солкуобайы сыл бүтүөр диэри төлүөхтээх. Билиммэтэх иэһин биһиги сууттаһан да туран төлөттөрүөхтээхпит. Бу кыһалҕа төрүөтэ ойуур уотугар үлэлиир тиэхиньикэҕэ сытар. Дэриэбинэ олохтоохторун тыраахтардара, тыаҕа сылдьар тиэхиньикэлэрэ үксэ страховката суох. Төһө да дьон ойуур баһаарыгар үлэлээбитин туоһулуур докумуоннары кэмигэр туттарбытын иһин, “Рослесхоз” тиэхиньикэ докумуона ситэтэ суох диэн иэһин төлүүртэн куотуна турар. Былырыын саас үлэлээбит дьоҥҥо харчылара төлөннө. Оттон сайын үлэлээбит дьон хамнастарын тута иликтэр. Былырыын дьону кытта 5000 дуогабар баттаммыта. Ол иһин, ойуур баһаарыгар бэлэм буолар туһугар тиэхиньикэни саҥардыыга күүстээх үлэ ыытыахпыт.

Быйылгы 2 мөл. гектар кэриҥэ иэннээх сир умайда. Бу көрдөрүү былырыыҥҥыны ситтэ.  Быйыл баһаары умулларыыга 2000 кэриҥэ киһи үлэлээтэ. Кинилэргэ төлөнөр харчы тыырыллан турар. Дьон докумуонун хомуйуута бытаарда. Улуустар докумуоннарын барытын туттардахтарына, көрүллүбүт харчы төлөнүөҕэ. СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы э.т. Денис Белозеровтан улуустарга сурук ыытылынна. Быйылгы тарыыбынан, 3 хонук иһигэр уоту умулларбыт дьон 10 чааска 2000 солкуобайы ылыахтара. 3 хонуктан өр үлэлээбит дьоҥҥо 1700-1800 солкуобай төлөнүөҕэ.

Валерий Бочкарев, Нам улууһун Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо:

— Мин ойуур уотун умулларыыга үлэлээбитим үһүс сайыным буолла. Бу олус ыарахан хара үлэ. Иллэрээ сыл ойуур уотун умулларыыга үлэлээбит дьоҥҥо сыл бүтүөр диэри харчыларын төлөөбүт буоллахтарына, былырыыҥҥы үп билигин да түһэ илик. Ол иһин, быйыл дьон аҕыйах этэ. Төлөнүөхтээх харчыны төлөөбөттөр диэн ким да үлэлиэн баҕарбат. Мин дойдум туһа диэн, сыл аайы ойуур уотун умулларыыга үлэлиибин.

Егор Попов, Нам улууһун Түбэ нэһилиэгин олохтооҕо:

— “Үрүҥ Күөл” баһаарыгар Түбэ нэһилиэгин олохтоохторо күүскэ үлэлээтилэр. Сүрүн күүспүт ыччаттарбыт буоллулар. Кинилэри хайгыах тустаахпын. Төһө да элбэх сир умайбытын иһин, уоту тохтоттубут. Тиэхиньикэ күүскэ үлэлиэн наада диэн бэлиэтиибин. Ойуур уотун умулларыыга үлэлээбиппитин туоһулуур докумуоннары хомуйан туттарбыппыт. Ол эрэн, былырыын үлэлээбит харчыбыт билигин да түһэ илик.

Бүрүкүрээтийэ эрэйдиир

Дмитрий Наумов, 2003-2007 сс. СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэс­­­­­сэдээтэлин солбу­йаач­чы:

— Баһаар харчытын төлүүргэ өрүү бүрүкүрээтийэ мэһэйдэһэр. Ойуур уотун умулларыыга үлэлээбит дьон докумуоннарын чунуобунньук үөһэ хас да чунуобунньук бэрэбиэркэлиир. Уруккуттан баар кыһалҕа. Итинник үлэ дьыаланы бытаардар. Мантан сылтаан иэс мунньуллан элбээн хаалар. Мин санаабар баһаарга көрүллүбүт харчыттан, дьону үлэлэппит тэрилтэ төлүөхтээх. “Рослесхоз” отчуоту тутара наадата суох.

Түмүккэ

Төлөнүөхтээх харчы хаһан эмэ син биир төлөнүөҕэ. Харчы-харчынан, дьиҥ баайбытынан сирбит-дойдубут буолар. Онон, күөх дуолбутун көмүскүүр үлэҕэ кыттарбытын тохтотумуохха.

Николай ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0