Парковка миэстэтин бас билиигэ оҥорторуохха сөп

Бөлөххө киир:

Үүммүт сыл тохсунньу 1 күнүттэн массыына турар миэстэтин уонна массыына парковкатын миэстэтин хамсаабат баай-дуол быһыытынан, бэйэ бас билиитигэр оҥорторор кыах бэрилиннэ. Бу миэстэни атыылыахха, бэлэхтиэххэ, нэһилиэстибэ быһыытынан хаалларыахха сөп.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

Дьокуускай куораппыт сылын ахсын улаатан, кэҥээн иһэр. Ону батыһа массыыналаах дьон уон оччонон элбии тураллар. Уонтан тахса сыллааҕыта куоракка тимир көлө ахсаана арыый да аҕыйах эбит буоллаҕына, билигин ыал барыта массыыналанна. Онно эбии тиэхиньикэни «хонноруу», «кыстатыы», «сынньатыы» боппуруоһа сытыырхайда.

Росреестр Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрбитинэн, мантан ыла анал паркиннарга, хастыы да мэндиэмэннээх парковкаларга массыына миэстэтин бас билиигэ оҥорторуохха сөбүн иһитиннэрдэ. Холобур, сир анныгар мэндиэмэннээх, нууччалыы эттэххэ, «цокольнай этээстээх» олорор дьиэлэргэ баар массыына миэстэтин бас билиигэ ылыахха сөп. Билигин Дьокуускай 203-с микро-оройуонугар сир анныгар гараастаах дьиэлэр тутуллан эрэллэр. Онон, чугастааҕы сылларга, маннык дьиэҕэ олорооччулар массыына миэстэтин бас билиигэ оҥорторуохтара.

Сир анныгар парковкалаах олорор дьиэлэр балысханнык тутуллан бардахтарына, сыллата парковка миэстэтэ күндүтүйэн, сыаната улаатан иһиэҕэ.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0