Паромнар сырыыларын көрдөрөр сыһыарыы баар буолла

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Төлөпүөнүнэн «Best Parom» сыһыарыыны AppStore уонна GooglePlay маҕаһыыннартан хачайдаан, Дьокуускай — Аллараа Бэстээх — Дьокуускай маршрутунан паромнар сырыыларын көрүөххэ сөп буолла.


Саҥа айыллыбыт сыһыарыынан паромнар маршруттарын, хас чааска ханнык биэрэккэ кэлэллэрин билиэххэ сөп. Онон суоппардар мантан инньэ барытын эрдэ билэн, айанныылларын былаанныыр буолуохтара. Аны  өрүһү паромунан туоруурга халыҥ уочарат буолуо суоҕа.

«Паромная переправа-1» ХЭУо сакааһынан, сыһыарыыны «Продвижение» хампаанньа оҥордо. Бу сыһыарыы билигин 4, 5, 8, уонна 9 нүөмэрдээх паромнар сырыыларын көрдөрөр. Сотору муус устарын кытары көрдөрөр кыах баар буолуо диэн сыһыарыы ааптардара сырдаталлар.

Андроид төлөпүөннээх дьон сыһыарыыны бу https://play.google.com/store/apps/details?id=com.app.parom  ссылканан хачайдыахтарын сөп. Оттон iOS систиэмэҕэ үлэлиир төлөпүөннээхтэр https://itunes.apple.com/ru/app/best-parom/id1436183479?mt=8 ссылканан хачайдаан ылаллар.

Николай ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0