Потребительскэй кирэдьиит бырыһыана намтаата

Бөлөххө киир:

Үпкэ-харчыга ыктарбыт киһи аймахтарыттан иэс ылар, онтон сорохтор бааҥҥа сүүрэллэр. Аймахтарыҥ бырыһыана суох иэс биэриэхтэрэ эрээри, кэмигэр төнүннэрбэтэххинэ, улахан айдаан тахсыан сөп.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

Бу оннугар, баантан кылгас болдьоххо иэс ылбыт ордук. Эбиитин урукку курдук элбэх докумуону ирдээбэттэр. Үлэҕэр да олорон интернетинэн сайаапка ыытыаххын сөп. Аны бу күннэргэ «Россельхозбаан» нэһилиэнньэҕэ биэрэр кирэдьиитигэр бырыһыан ставкатын намтаппытын туһунан иһитиннэрэбит. Билигин потребительскэй кирэдьиити ылааччыларга уонна биэнсийэлээхтэргэ аналлаах бырагыраамаҕа бырыһыан муҥутуур кыра ставката 11,5% тэҥнэстэ. Онон потребительскэй кирэдьиити билигин 11,5% саҕалаан 19,5%-ҥа диэри ылыахха сөп.

Маны таһынан, 2017 сыл бэс ыйын бүтүүтүгэр диэри 200 тыһ. солкуобайтан үөһэ суумалаах кирэдьиити биэс сылга диэри болдьохтоон ылааччыларга, бырыһыан ставката эмиэ намтаата. «Россельхозбаан» нөҥүө хамнастарын ылааччылар, эрэллээх килийиэннэр уонна бүддьүөт үлэһиттэрэ, байыаннайдар 13,5% – 15,5%-ҥа потребительскэй кирэдьиит ылыахтарын сөп.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0