Промышленнай тэрилтэлэргэ олохтоох дьону сүүмэрдээһин бара турар

Бөлөххө киир:

Хас биирдии киһи үчүгэй хамнастанан, дьиэ-уот тэринэн дьонтон хаалсыбат курдук олоруон баҕарар. Сахабыт сиригэр, чуолаан тыа сиригэр үлэтэ суох дьон дьарыктаах буолалларын туһугар СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар судаарыстыбаннай кэмитиэтэ быйыл 5000-тан итэҕэһэ суох үлэ миэстэтин таһаарарга үлэлэһэр.  

edersaas.ru

«Мечел-Майнинг», «Алдан Полюһа», «Колмар», «Селигдар көмүһэ», «Прогноз», «Саха сирин тимир суоллара» АХ олохтоох дьону үлэҕэ ылар сыалтан илин эҥээр улуустарынан дьону сүүмэрдээһин үлэтэ бара турар.

Кулун тутар 27 күнүгэр Аллара Бэстээххэ Мэҥэ Хаҥаластан, Дьокуускай куораттан, Хаҥалас улууһуттан уопсайа 129 киһи промышленнай тэрилтэлэр каадырга үлэһиттэрин кытта атах тэпсэн олорон кэпсэттилэр. Кулун тутар 28 күнүгэр Тааттаҕа, Чурапчыга, Горнайга, кулун тутар 29 күнүгэр Томпоҕо, Намҥа, кулун тутар 30 күнүгэр Уус Алдаҥҥа, Аммаҕа ити этиллибит улахан хампаанньаларга олохтоох дьону үлэҕэ ыларга сүүмэрдээһин бастакы түһүмэҕэ ыытыллыаҕа.

Каадыр үлэһиттэрэ улуустары кэрийии түмүгэр сотору кэминэн кими үлэҕэ ылалларын, эбэтэр идэ ыларга кылгас кэмнээх техническэй үөрэххэ, стажировкаҕа ыыталларын биллэриэхтэрэ.

Үлэ көрдөөччүлэр «Арассыыйаҕа – үлэ» саамай улахан базалаах https://trudvsem.ru/ сайтка киирэн, Саха сирин талан ылан, резюме хаалларыахтарын, эбэтэр сөптөөх үлэ миэстэтин булуохтарын сөп. Холобур, манна киирэн көрдөххө, ыаллыы сытар Магадан уобалаһыгар 280 000 тыһ. солк. хамнастаах вахтовай үлэ баар.

Сахабыт сиригэр вахтовай үлэ тэрилтэтиттэн көрөн ортотунан 100 000 – 120 000 солк. хамнастаах. Сорох промышленнай тэрилтэлэр дьону уопсай дьиэнэн хааччыйан, бастайааннай үлэҕэ ылаллар. УК «Мечел-Майнинг», «Алдан Полюһа», УК «Колмар», «Селигдар көмүһэ», «Прогноз», «Саха сирин тимир суоллара» АХ бэрэстэбиитэллэрэ сайтарыгар ыйылла сылдьар электроннай аадырыстарыгар резюме ыыттахха, ылан көрөбүт, барсар диэбит киһибитин үлэҕэ ыҥырабыт дииллэр. Онон, тоҕоостоох көмүс түгэни мүччү тутумаҥ!

Марианна Тыртыкова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0