Путин биир гектар туһунан

Бөлөххө киир:

“Уһук Илин регионнарга биир гектар сири биэрии куһаҕана суохтук баран иһэр. Оттон Россия атын регионнарыгар тарҕатыыны көрөн иһиэхпит”, — диэн бэлиэтиир Владивостоктан киирбит ыйытыыга хоруйдаан, РФ президенэ Владимир Путин быһа эфир кэмигэр.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru сайт.

Президент манна тоҕус регионтан ордук Приморскай кыраайга уустуктук баран иһэрин эттэ. “Россия хас биирдии олохтооҕо Уһун Илин регионнарга баран олохсуйар кыахтааҕын, биир гектары туһанан олоруоҕун сөп диэн этиэхпититтэн ыла, сайаапка киириитэ биллэ элбээбитэ. Ити ордук Приморьеҕа оҕуста”, — диэн бэлиэтиир.

Владимир Владимирович биир гектар туһунан сокуоҥҥа сыһыаран, кадастр үлэтэ дойдуга быстар мөлтөҕүн иһитиннэрдэ. “Нэһилиэнньэ долгуйара сөп. Тоҕо диэтэргин, билигин кадастр үлэтиттэн сылтаан, бытаарыы тахсар. Кумааҕыга атын, сири баран көрдөххө атын буолар. Онон манна күүстээх үлэни ыытыахпытын наада. Ону сэргэ биэдэмистибэлэр туһаммакка сытыарар сирдэрэ наһаа элбэх. Онон манна эмиэ дьаарыстааһын барыан наада”, — диэн иһитиннэрэр.

Оттон Россия атын регионнарыгар манныкка хабааннаах сокуон киириэҕин сөп дуо диэн ыйытыыга Владимир Путин: “Бастаан Уһун Илин регионнарга үчүгэйдик тарҕатыаҕыҥ. Онтон уопут ылан, үчүгэй механизмы толкуйдаан атын регионнарга да тарҕатыахха сөп. Ол эрээри манна сиринэн эргинэр иккис ырыынак тахсыбатын туһугар бары ымпыгын-чымпыгын үөрэтиэххэ наада”, — диэн хоруйдуур.

Манна даҕатан эттэххэ, Ил Дархан Егор Борисов бэс ыйыгар быһа эфир кэмигэр бу сокуон ордук Саха сирин олохтоохторугар туһалаабытын бэлиэтээн эппитэ. Өскөтүн өрөспүүбүлүкэбитигэр 17,5 тыһ. тахса сайаапка киирбит буоллаҕына, 170 сайаапка эрэ атын регионтан киирбитэ.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru сайт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0