Путин хамнас алын кээмэйин үрдэтэр туһунан эттэ

Бөлөххө киир:

Дойду президенэ Владимир Путин 2018 сыл тохсунньу 1 күнүттэн хамнас алын кээмэйин үрдэтэр туһунан этии киллэрдэ. edersaas.ru

«РИА-новости» суруйарынан, хамнас алын кээмэйэ тиийинэн олоруу кээмэйин кытары тэҥнэһиэхтээх. 2017 сыл от ыйын 1 күнүттэн  хамнас алын кээмэйэ 300 солкуобайынан үрдээн, 7800 солкуобайга тэҥнэспитэ. Оттон  прожиточнай минимум Россияҕа 9909 солкуобайынан быһыллан турар.

РФ бырабыыталыстыбатыгар ыытыллыбыт сүбэ мунньах кэмигэр дойду баһылыга хамнас боппуруоһун кыалыннаҕына, эрдэ быһаарар туһунан сорудахтаата.

Анивера АКИМОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0