«Радар» көмөтүнэн ким ханна сылдьарын билиэххитин сөп

Бөлөххө киир:

Ааспыкка биир дьүөгэм оскуолаҕа төрөппүттэр «Радар» диэн өҥөнөн туһанан, оҕолоро ханна сылдьарын кэтииманыы олороллорун туһунан кэпсээн соһуппута. Итинник өҥө баарын туһунан урут ханна эрэ истибиттээҕим.

edersaas.ru


Онон, дьэ, тугун-ханныгын быһаарсаары интэриниэккэ киирэн «Радар» диэни көрдөөтүм. Онуоха «Мегафон» суотабай хампаанньа өҥөтө диэн таҕыста. «Мегафон» килийиэнэ буоларым быһыытынан, тута төлөпүөммүн хасыһан бардым. Бу өҥөнү холботторон оҕоҥ ханна сылдьарын, ханна тиийбитин хонтуруоллуурга олус табыгастаах эбит.

 

Төлөбүрдээх, сууккаҕа 3 солкуобай. Өҥө аата өҥө. Ыйга 100 солкуобай курдук. Үчүгэйэ диэн, төлөбүр харчытын тута биирдэ устан ылбаттар. Күн ахсын үстүү солкуобайынан ылаллар. Онон биир-икки да күн холботторон туһаныахха сөп. Биитэр биир нэдиэлэ туһанан баран, араартараҕын. Чэ, ким хайдах туһанарынан уонна төһө наадалаах дииринэн.


*566# нүөмэргэ эрийэн холботторон баран, салгыы эмиэ *566# талан баран, оҕоҥ биитэр «кэтиэхтээх-маныахтаах» киһиҥ нүөмэрин ыытаҕын. Онтон ол нүөмэргэ SMS-иһитиннэрии кэллэҕинэ бигэргэтиэхтээх.

«Радар» көмөтүнэн «Мегафон» абоненын эрэ буолбакка, Билайн, МТС килийиэннэрин «кэтиэххэ» сөп. Холобур, эн бэйэҥ «Мегафон» килийиэнэ, оттон оҕоҥ биитэр кэргэниҥ МТС абонена да буолуохтарын сөп.

«Радар» өссө хас да көрүҥнээх эбит, «Радар Лайт», «Радар» уонна «Радар+» диэн. Биир бэйэм көннөрү «Радары» холботтордум. Биэс нүөмэри тэҥинэн хонтуруоллуохпун, кэтиэхпин сөп (ол гынан баран, ол кэтиир дьонум SMS-ка эппиэттээн бигэргэттэхтэринэ биирдэ).

Ити биирэ. Иккиһинэн. Дьэ, саамай кылаабынай чааһыгар киирэбит. Өҥөнөн туһанарбар сайтка тус кабинеппар (личный кабинет), эбэтэр Play Маркетка киирэн Радар Мегафон диэн сыһыарыыны хачайдыыгын.

 

Мин тус кабинеппар киирэн ким ханна сылдьарын бэрэбиэркэлээн көрдүм. Кабинеккар «Я наблюдаю» диэн пуун баар. Онно кэтиир нүөмэрим көстөн кэлэр. Холобур, оҕом нүөмэрин талан баттаатахпына аҕыйах сөкүүндэнэн каартаҕа ханан сылдьара көстөн кэлэр.

Дьэ, оттон бу өҥөнү улаханнык сөбүлээбэтэххитинэ, биитэр наадата суох буоллаҕына *505*0*192# нүөмэргэ эрийиҥ. Аҕыйах сөкүүндэнэн арахсыаҕа.

Онон, бу суруйуум, баҕар кимиэхэ эмит туһалаах буолуо диэн суруйдум.

Анивера АКИМОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0