СҮБЭ: Оҕуруоппутун олордобут

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ньукуолун ааһан, сайыҥҥылыы кэм үүнэн, арассаадалары олохтоох сирдэрин булларар уолдьаста. Нам сэлиэнньэтин олохтооҕо Евдокия Гаврильева маннык сүбэлиир. edersaas.ru

Кыра да сири көдьүүстээхтик туһаныҥ
Билиҥҥи уһаайба сирэ кыараҕас, онон хас биирдии муннугу туһаныҥ. Оҕуруот астарын күөнтэспэттэрин, хата, байытыһалларын курдук олордуҥ.
1. Миэстэни атастаһыннаран
Ханнык баҕарар оҕуруот аһын биир сиргэ уһуннук олортоххо, буор олус дьадайар. Ити иһин үс-түөрт сыл буола-буола, миэстэлэрин атастаһыннарыллар.
Уруулуу көрүҥнэри солбуһуннарыллыбат. Холобур, хортуоппуй помидордуун, оҕурсуу кабачоктуун аймахтыылар, аһылыктара уонна ыарыылара биир. Онон, былырыын хортуоппуй үүммүт сиригэр быйыл помидору, оттон оҕурсу оннугар кабачогу чугаһатымаҥ. Ол оннугар хаппыыстаны, эһиил моркуобу, онтон кэлэр сылга кабачуогу олордон, үчүгэй үүнүүнү ылыаххыт. Луук, чочунаах кэннилэриттэн тугу барытын олордуллар. Помидор, хортуоппуй кэннилэриттэн хаппыыста, оҕурсу, кабачок, горох, сүбүөкүлэ, салаат, моркуоп, петрушка, укуруоп үчүгэйдик үүнэллэр. Оҕурсу, кабачуок, патиссон кэннилэриттэн эрэдиискэ, хаппыыста, сүбүөкүлэ, луук, помидор, хортуоппуй олордуллар кыахтаахтар.
2. Иллээхтэри сэргэстэһиннэрэн
Сөп түбэсиһэр көрүҥнэри кэккэлэһиннэрдэххэ, үүнүү тупсар. Хаппыыста таһыгар салааты, луугу, сэлдьэрэйи, укуруобу, эрэдиискэни, хортуоппуйу олордуохха сөп. Хаппыыста быыһыгар турар укуруоп “ыалын” амтанын биллэ тупсарар, үөнү-көйүүрү үүрэр. Арай моркуобу, помидоры кытары кэккэлэспэт. Хортуоппуй аймахтарын (помидору, оҕурсууну, сүбүөкүлэни, сэлдьэрэйи) кытары ыаллаһарын “сөбүлээбэт”, дьэдьэни, хаппыыстаны, моркуобу, эрэдиискэни тулуйар. Сүбүөкүлэни оҕурсууттан, хортуоппуйтан тэйиччи олордуллар. Дьэдьэн салааты, чочунааҕы, луугу, сүбүөкүлэни уонна эриэккэни кытары бэркэ ыаллаһар. Үүнээйи болдьоҕуттан эмиэ тутулуктаах. Холобур, эрдэтээҥи хаппыыста помидору, хойукку хаппыыста эрдэтээҥи хортуоппуйу кытары бэркэ тапсан үүнэллэр.

Сеньор помидор
Помидор арассаадатын таһырдьа таһаарыах иннинэ икки-үс хонукка ууну кутуллубат. Оччоҕуна умнаһа сымныыр, ону буорга эрийэ тутан олордуллар. Уулаах арассаада эриллибэт, тостон хаалар.
Үүнэн истэхтэрин ахсын умнас алларааҥы сэбирдэхтэрин тоноон ылыллар, буорга сыстан турдахтарына ыарыыга ыллараллар. Хоннох лабаалары эмиэ ылҕанар, син биир ас биэрбэттэр. Укка бастакы болчуоҕу хаалларан, иккиһи уонна үсүһү быһыталаан кэбиһиллэр уонна сарсыарда тэпилииссэҕэ киирэ-тахса үнүгэстэри сахсыйан биэрэ сылдьыллар. Ити куоппаһырарга көмөлөһөр.
Эрдэ астанар кистэлэҥэ
Мин саас эрдэ кыра иһиккэ 15 атах помидору туспа арассадалыыбын. Улаата түспүттэрин кэннэ икки-үс хонукка ууну куппакка аччыктатан баран, арыый улахан иһиккэ көһөрөбүн, төрдүнэн эрийэн олордобун. Төбөлөрүттэн быспаппын, ол кэриэтин төһө да уһаатыннар, төрдүлэрин эрийэбин. Ити курдук тэпилииссэҕэ таһаарыахпар диэри үстэ-түөртэ көһөрөбүн. Олохтоох сиригэр эмиэ эрийэн олордобун.
Бу арассаадалар бөҕө-таҕа көрүҥнээх буолаллар, астарын эрдэ биэрэллэр. Манна кистэлэҥэ судургу: көнөтүк олордуллубут помидор буортан иҥэмтэлээх эттиги биир эрэ туочуканан ылар, оттон эрийэ олордуллубут үүнээйи сиргэ уонунан сантиметрынан сыстан сытар буолан, соччонон элбэх күүһү иҥэринэр. Күһүн хостоон көрдөххө, силиһэ суп-суон буолар. Эһиги эмиэ боруобалааҥ, бэйэҕит илэ көрөн итэҕэйиҥ.

Бурда – астык ас
Химиялаах эбиилиги туттубаппын, бэйэм “бурда” диэн уоҕурдууну оҥоробун. Сүүс лиитэрэ уу киирэр мас буочука улахан ортотунан уу кутан, онно түөрт-биэс “лэппиэскэ” сибиэһэй ынах сааҕын, икки лиитэрэ аһыйбыт үүтү, биир пачка түргэнник суураллар доруоһаны, биир киилэ мас күлүн уонна тэпилииссэттэн быһыллар сэбирдэҕи эбэн, үс күн устата туруорабын.
Биир лиитэрэ бурданы биир биэдэрэ ууга суурайан ук ахсыгар 0,5 лиитэрэнэн кутабын: сибэккилэргэ ыйга биирдэ, помидорга ыйга иккитэ, оҕурсуга биэстии хоно-хоно. Сүрдээҕин сөбүлүүллэр.
Өйдөөҥ: Эбии аһатыах иннинэ үүнээйигэ ууну лаппа соҕус кутуллар, ол эрэ кэнниттэн уоҕурдууну киллэриллэр.
Отунан уоҕурдуу
Ууну нэдиэлэҕэ иккитэ халыччы кутуллар, оттон нэдиэлэ устата куппакка гынан баран, биирдэ элбэҕи чалбааттаатаххытына, абырыахтааҕар алдьатаҕыт. «Умнас сытыйыыта» диэн ыарыы сутуйуон, аһа хайыта барыан сөп.
Ууну кутаат, буору халыҥ соҕустук отунан сабан биэрдэххэ, сиигэ көппөт, от сытыйан-ымыйан бэртээхэй уоҕурдуу буолар, сыыс от тахсыбат, фитофтороз ыарыы буулаабат.

Оҕурсу

Сайын төһө аһы биэрэрэ хайдах олордортон тутулуктаах. Тымныы буорга олортоххо, хачаайы уонна ыарыыга бэринимтиэ буолар. Онон тэпилииссэни үчүгэйдик сылытан, буору ириэрэн эрэ баран олордуҥ. Сылтан сыл тэпилииссэҕит буорун саҥардыҥ.
Арассаада наһаа уһун буолуо суохтаах, төһөнөн кыра эбэтэр “эдэр” даҕаны, тэпилииссэҕэ дөбөҥнүк ылсан үүнэр. Уһатан баран олордуллубут арассаада ыарыыланар.
Хас нэдиэлэ ахсын эбии аһатыҥ, аһатыах иннинэ хайаан да ууну дэлэччи кутуҥ. Бастаан ото элбиирин наадатыгар ынах сааҕын ууга суурайан кутуҥ, сайын ортотуттан атын эбиилигинэн аһатыҥ, тоҕо диэтэххэ, күүһэ аһыгар буолбакка, сэбирдэҕэр баран хаалыа.
Эбии аһатыы
Бастаан үүнэригэр биэдэрэлээх ууга 30 хааппыла дьуоту, биир лиитэрэ үүтү уонна кыра хаһаайыстыбаннай мыыланы булкуйан, суурадаһын оҥорон кутуллар.
Биир лиитэрэ ууга бухааҥка килиэби илдьиритэн, биир таммах дьуоту кутан хонноруллар, сарсыныгар биир биэдэрэ ууга суурайан, ыйга икки төгүл ыстардахха, оҕурсу да, биэрэс да күһүҥҥэ диэри күп-күөх чэлгийэн туруохтара.
Сорох ук астаммакка сибэккинэн көрөн турааччы. Оччотугар үүттээх, саахардаах уоҕурдуунан аһатыллар: биэдэрэлээх ууга икки лиитэрэ “күөх үүтү”, 1,5 ыстакаан саахары суурайан кутуллар. Аҕыйах хонугунан ас бөҕөтө бытыгырыа. Аһын кутарыгар биэстии хоно-хоно, 0,5 лиитэрэ бурданы кутар көмөлөөх.
Сиппэтэх сиэмэ кураанах сибэккилэнэр. Ону быраҕан баран саҥаны олордорго бириэмэ күүппэт. Боппуруоһу икки ньыманан быһаарыллар:
1. Биэс-алта сэбирдэх кэнниттэн угун төбөтүн быстахха, ойоҕос сэбирдэхтэр үүнэллэр уонна олорго тыһы сибэккилэр тахсан ас куталлар.
2. Куурда-хатара түһэн баран, ууну дэлэччи соҕус кутан, лиитэрэ кэриҥэ борнай кислота суурадаһынынан (10 лиитэрэ ууга 1 чаайынай ньуосканы булкуйан) аһатан биэрдэххэ, ас кутар сибэккилэр тахсаллар.

Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0